Саха сиригэр Новоленскай тепловой электро-ыстаансыйа тутуута саҕаланна
Саха сиригэр Новоленскай тепловой электро-ыстаансыйа тутуута саҕаланна. Арассыыйатааҕы таһымнаах, аныгы энергетика бырайыага Ленскэй оройуонугар арыллыаҕа. Ыстаансыйа үлэҕэ киирдэҕинэ өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ эрэ буолбакка, ыаллыы сытар эрэгийиэннэр эбийиэктэрин үлэтэ эмиэ тупсуоҕа.
Новоленскай тепловой электро-ыстаансыйа 550 МВт күүстээх буолуоҕа. Эбийиэги тутуу кэмигэр 1500-чэ саҥа үлэ миэстэтэ тэриллиэҕэ. ТЭС үлэҕэ киирбитин кэннэ үлэһит ахсаана 500-чэ киһи буолуохтаах. Ыстаансыйа 2028 сылга үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Бастакы сыбаайа түһэриитигэр Ил Дархан Айсен Николаев, «Интер РАО» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Борис Ковальчук уонна АЛРОСА хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев кыттыыны ыллылар.
«Энергиянан эрэллээхтик хааччыйыы — биһиги улахан уонна ыраах сытар эрэгийиэммит экэниэмикэтин сайдыытыгар улахан суолталаах. Кэлэр сылларга өрөспүүбүлүкэ энергетическэй каркааһын күүһүрдэргэ дьоһуннаах сыал-сорук туруорунабыт. Ленскэй оройуонугар тутуллар ыстаансыйа Саха сирин арҕаа өттүн, ону таһынан Иркутскай уобалас уонна Бурятия энергиянан хааччыллыыларын эрэллээх буолуутун улаатыннарыаҕа», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: