Саха сиригэр ОДьКХ өҥөтүгэр тарыып төһө үрдүөй?

Share

Үүммүт сыл иккис аҥаарыттан Саха сиригэр олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа өҥө иһин тарыып үрдүүрэ күүтүллэр.

Үрдээһин, ортотунан,  9,5%-н буолуоҕа диэн СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков сыл түмүгэр этэн турар.

«2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарыып, ортотунан, сылааһынан хааччыйыыга 16,8%, уунан хааччыйыыга 19,9%, уунан туһаныы – 21,8% үрдүөҕэ. Онуоха биирдиилээн дьон, ону сэргэ Саха сиригэр дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыктанааччылар чэпчэтиилээх тарыыбынан туһанар бырааптаахтар. Онон ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр 9,5 %-н буолар, оттон оройуоннарга халбаҥнаан 3 % үрдүөҕэ, ол эрээри бары хомунаалынай өҥөлөр иһин төлөбүр 12,5%-н тахсыа суоҕа. Оттон дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыктанааччыларга сылааһынан хааччыйыы үрдээһин 10%-н тахсыа суоҕа», – диэн этэр Николай Бочков.

Ол курдук 2024 с. өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр тарыып, ортотунан, маннык үрдүөҕэ диэн СИА иһитиннэрэр:

• электроэнергия – 8,9%;
• гааһынан хааччыйыы – 11,2%;
• кытаанах бөҕү-саҕы хомуйуу – 9,1%;
• сылааһынан, итии уунан хааччыйыы уонна ууну туһаныы – 9%;
• тымныы уунан хааччыйыы – 7,3%.

Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков эппитинэн, ОДьКХ өҥөтүн иһин тарыып үрдээһинэ дойду экэнэмиичэскэй балаһыанньатын, экэниэмикэҕэ инфляция барыытын, сааҥсыйалары, тиэйии-таһыы ороскуотун кытары, ону тэҥэ судаарыстыба сыана быспат өҥөтүгэр, холобур, чох, ньиэп уонна уматык сыанатын кытта сибээстээх.

Санатан эттэххэ, ОДьКХ өҥөтүн иһин тарыып 2022 с. ахсынньытыгар үрдээбитэ уонна ааспыт сылга уларыйбатаҕа. Ол курдук, быйылгы сыл бастакы аҥаарыгар хомунаалынай өҥө иһин сыана уларыйыа суоҕа.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

11 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

11 часов ago