Саха сиригэр ОДьКХ өҥөтүгэр тарыып үрдүөҕэ
2024 сыл иккис аҥаарыттан Саха сиригэр олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа өҥө иһин тарыып үрдүүрэ күүтүллэр. Үрдээһин, ортотунан, 9,5%-н буолуоҕа диэн СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков былырыын сыл түмүгэр этэн турар.
«2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарыып, ортотунан, сылааһынан хааччыйыыга 16,8%, уунан хааччыйыыга 19,9%, уунан туһаныы – 21,8% үрдүөҕэ. Онуоха биирдиилээн дьон, ону сэргэ Саха сиригэр дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыктанааччылар чэпчэтиилээх тарыыбынан туһанар бырааптаахтар. Онон ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр 9,5 %-н буолар, оттон оройуоннарга халбаҥнаан 3 % үрдүөҕэ, ол эрээри бары хомунаалынай өҥөлөр иһин төлөбүр 12,5%-н тахсыа суоҕа. Оттон дьоҕус уонна орто биисинэһинэн дьарыктанааччыларга сылааһынан хааччыйыы үрдээһин 10%-н тахсыа суоҕа», – диэн этэр Николай Бочков.
Ол курдук 2024 с. өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтигэр тарыып, ортотунан, маннык үрдүөҕэ диэн СИА иһитиннэрэр:
• электроэнергия – 8,9%;
• гааһынан хааччыйыы – 11,2%;
• кытаанах бөҕү-саҕы хомуйуу – 9,1%;
• сылааһынан, итии уунан хааччыйыы уонна ууну туһаныы – 9%;
• тымныы уунан хааччыйыы – 7,3%.
Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков эппитинэн, ОДьКХ өҥөтүн иһин тарыып үрдээһинэ дойду экэнэмиичэскэй балаһыанньатын, экэниэмикэҕэ инфляция барыытын, сааҥсыйалары, тиэйии-таһыы ороскуотун кытары, ону тэҥэ судаарыстыба сыана быспат өҥөтүгэр, холобур, чох, ньиэп уонна уматык сыанатын кытта сибээстээх.
Санатан эттэххэ, ОДьКХ өҥөтүн иһин тарыып 2022 с. ахсынньытыгар үрдээбитэ уонна ааспыт сылга уларыйбатаҕа. Ол курдук, быйылгы сыл бастакы аҥаарыгар хомунаалынай өҥө иһин сыана уларыйыа суоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: