Саха сиригэр Оҕо саас сылын икки бастакы ыйыгар 1697 оҕо төрөөбүт
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр быйылгы сыл икки бастакы ыйыгар 1697 оҕо төрөөбүт (865 – кыыс, 832 – уол).
Кэлиҥҥи биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ буолууну уонна оҕолонууну өйүүр үп кээмэйэ 8 төгүл эбиллибит. Федеральнай өйөбүлү сэргэ, өрөспүүбүлүкэ бэйэтин эрэгийиэннээҕи кэккэ чэпчэтиилэрэ көрүллэллэр.
Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан үһүс оҕо эбэтэр онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр “Дьиэ кэргэн” ийэ хапытаала быйылгыттан икки төгүл эбиллэн, 300 тыһ. солк. диэри үрдээтэ.
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар төрөөбүт оҕолорго аналлаах “Сүүс сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы өссө биэс сыл уһатарга быһаарыы ылыммыта. Онон тустаах хапытаал 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт эбэтэр иитэ ылыллыбыт, кинилэр дьиэ кэргэҥҥэ хаһыс оҕонон төрөөбүттэриттэн итиэннэ ыал дохуотуттан тутулуга суох оҕолорго барыларыгар көрүллэр.
Быйыл тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ индексацияланан 110 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Хапытаалы ордук элбэхтик ыал олорор усулуобуйатын тупсарынарыгар уонна тырааныспар атыылаһарыгар туһанар.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: