Саха сиригэр Оҕо саас сылын икки бастакы ыйыгар 1697 оҕо төрөөбүт

Share

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр быйылгы сыл икки бастакы ыйыгар 1697 оҕо төрөөбүт (865 – кыыс, 832 – уол).  

Кэлиҥҥи биэс сылга өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ буолууну уонна оҕолонууну өйүүр үп кээмэйэ 8 төгүл эбиллибит. Федеральнай өйөбүлү сэргэ, өрөспүүбүлүкэ бэйэтин эрэгийиэннээҕи кэккэ чэпчэтиилэрэ көрүллэллэр.

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан үһүс оҕо эбэтэр онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр “Дьиэ кэргэн” ийэ хапытаала быйылгыттан икки төгүл эбиллэн, 300 тыһ. солк. диэри үрдээтэ.

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар төрөөбүт оҕолорго аналлаах “Сүүс сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы өссө биэс сыл уһатарга быһаарыы ылыммыта. Онон тустаах хапытаал 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт эбэтэр иитэ ылыллыбыт, кинилэр дьиэ кэргэҥҥэ хаһыс оҕонон төрөөбүттэриттэн итиэннэ ыал дохуотуттан тутулуга суох  оҕолорго барыларыгар көрүллэр.

Быйыл тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ индексацияланан 110 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Хапытаалы ордук элбэхтик ыал олорор усулуобуйатын тупсарынарыгар уонна тырааныспар атыылаһарыгар туһанар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

13 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

13 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago