Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕоломмут дьиэ кэргэттэр 1,3 мөл.солк. ылыахтарын сөп
18.04.2025, 08:30

Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэттэргэ ананар федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи өйөбүллэри учуоттаан туран, төлөбүр уопсай кээмэйэ 1,3 мөл. солк. тиийиэн сөп. Бу туһунан Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова кэпсээтэ.
Төлөбүр уопсай кээмэйэ хаһыс оҕо төрөөбүтүттэн уонна дьиэ кэргэн олорор сириттэн уратылаах:
- Арктика уонна хоту оройуоннарынан (I зона) бастакы оҕоҕо 867 803 солк., атын оройуоннарынан (II зона) 857 933 солк. бэриллэр.
- Иккис оҕоҕо 612 300 солк. көрүллэр. Ыал бастакы оҕотугар федеральнай ийэ хапытаалын туһамматах буоллаҕына, суумата 1 302 567 солк. диэри улаатар.
- Үһүс уонна кэнники оҕолорго ипотеканы төлүүргэ төлөбүр суумата 1 182 956 солк. тэҥнэһэр.
Ону таһынан Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалларга өйөбүл дьаһалларын кэҥэттилэр. Бу сылтан ийэ хапытаала билигин төрдүс уонна кэнники оҕо төрүүрүгэр эмиэ төлөнөр буолла. Индексация кэннэ төлөбүр суумата 316 200 солк. тиийдэ.
Ону тэҥэ элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын оннугар биир кэмнээх харчынан толуйуу сууматын 200000- тэн 300000 солк. диэри улаатыннардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: