Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕоломмут дьиэ кэргэттэр 1,3 мөл.солк. ылыахтарын сөп

Share

Саха сиригэр оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэттэргэ ананар федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи өйөбүллэри учуоттаан туран, төлөбүр уопсай кээмэйэ 1,3 мөл. солк. тиийиэн сөп. Бу туһунан Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова кэпсээтэ.

Төлөбүр уопсай кээмэйэ хаһыс оҕо төрөөбүтүттэн уонна дьиэ кэргэн олорор сириттэн уратылаах:

  • Арктика уонна хоту оройуоннарынан (I зона) бастакы оҕоҕо 867 803 солк., атын оройуоннарынан (II зона) 857 933 солк. бэриллэр.
  • Иккис оҕоҕо 612 300 солк. көрүллэр. Ыал бастакы оҕотугар федеральнай ийэ хапытаалын туһамматах буоллаҕына, суумата 1 302 567 солк. диэри улаатар.
  • Үһүс уонна кэнники оҕолорго ипотеканы төлүүргэ төлөбүр суумата 1 182 956 солк. тэҥнэһэр.

Ону таһынан Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалларга өйөбүл дьаһалларын кэҥэттилэр. Бу сылтан ийэ хапытаала билигин төрдүс уонна кэнники оҕо төрүүрүгэр эмиэ төлөнөр буолла. Индексация кэннэ төлөбүр суумата 316 200 солк. тиийдэ.

Ону тэҥэ элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын оннугар биир кэмнээх харчынан толуйуу сууматын 200000- тэн 300000 солк. диэри улаатыннардылар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Ыар дьылҕа — олоххо эргиллии»

Бэлитиичэскэй репрессия ыар тыына  Кэбээйи оройуонун эмиэ хаарыйбыта, элбэх дьон ыраас  ааттарын хараардыбыта, олохторун огдолуппута.…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ис туругу тупсарар судургу аһылыктар

Арассыыйа быраастара этэллэринэн, тууһаммыт хаппыыста уонна суорат киһи куруук дьиксинэ, дьааххана сылдьар туругуттан тахсарыгар көмөлөһөллөр.…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элбэх оҕолоох ыалларга 14 тыһыынча сир учаастага бэрилиннэ

Алтынньы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыалларга уопсайа 1790 га иэннээх 14 453 сир учаастага бэриллибит,…

38 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тыгын аҕа ууһун олоҕуттан сэгэттэххэ…

Бу күннэргэ ХИФУ археологияҕа, этнографияҕа түмэлигэр “Истээх Быраан – Тыгын аҕа ууһа көмүллүбүт сирэ (XV–XVIII…

58 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Аймаҕын тиһэх суолугар атаара тиийэн баран…

Хаҥаласка ИДьМ отделыгар олохтоох киһи массыынатын солуонуттан 40 000 солк. сүппүтүн туһунан иһитиннэрбит. Холуобунай ирдэбил…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Икки паром сылдьар

Өлүөнэ өрүһү туоратар сүрүн паромнар салгыы үлэлииллэр. Алтынньы 31 күнүнээҕи туругунан, «Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан буксирынан…

1 час ago