Саха сиригэр бүгүн оҕолору иитэр ыалларга уонна ол оҕолорго өйөбүл 10 көрүҥэ оҥоһуллар – биир кэмнээх төлөбүртэн саҕалаан сир учаастагын биэриигэ уонна тырааныспары ылыыга тиийэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Тустаах биэдэмистибэ чахчытынан, кэнники 10 сылга оҕолору иитэр ыал ахсаана 167-тэн 235 – кэ диэри элбээтэ. Маннык дьиэ кэргэттэр Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Хаҥалас оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка бааллар.
Тулаайах оҕолору дьиэ кэргэҥҥэ олохтооһуҥҥа федеральнай үп көмөтүнэн оройуоннааҕы коэффициени учуоттаан 34446,02 солк. саҕалаан 208,60 сок. диэри биир кэмнээх көмө бэриллэр. Инбэлиит оҕону, 7 сааһын ааспыт, бииргэ төрөөбүт убайдыы-бырааттыылары, эдьиийдии-балыстары иитэ ыллахха — 263 195,66 солк. 375 993,80 солк. диэри.
Тулаайах оҕолору дьиэ кэргэҥҥэ иитэ ылыыга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ 32938 солк. тэҥнэһэр.
2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр иккис уонна онтон элбэҕи иитэ ылыыга төлөбүр үрдээтэ. Ол курдук, Арктика түөлбэтигэр хас биирдии оҕоҕо 15 883 солк. 34 942 солк. диэри уонна киин улуустарга 14 181 солкуобайтан 31 198 солк. диэри.
Быйылгыттан тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору көрүүгэ-истиигэ ыйдааҕы төлөбүр кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суоҕа. 2024 сылга төлөбүр кээмэйэ 23 325 солк. 27 847 солк. диэри.
Ону тэҥэ маннык оҕолор куорат, куорат таһынааҕы тырааныспарка босхо сылдьаллар, оттон тыа сиригэр оройуон иһинээҕи тырааныспарка, ону тэҥэ сылга биирдэ үөрэнэр сирдэригэр диэри уонна төттөрү айанныырга босхо тырааныспарынан туһаналлар.
Бу оҕолор ону тэҥэ кинилэр бас билиилэригэр баар олорор дьиэлэрин уонна социальнай куортам дуогабарынан хомунаалынай төлөбүрдэриттэн босхолоноллор.
Ону тэҥэ сынньаналларыгар уонна доруобуйаларын чэбдигирдэллэригэр путевкаларын сыаната толуйуллар, ону тэҥэ эмтэнэ (сынньана) барар уонна төннөр сыаналарыгар толуйуу оҥоһуллар.
18 саастарын туоллахтарына, бас билэр дьиэлэригэр хапытаалынай өрөмүөнү ыытыы ороскуотун биирдэ толуйуллар. Төлөбүр кээмэйэ 150 тыһыынча солк. тэҥнэһэр.
10 уонна онтон элбэх оҕону, 23 саастарыгар диэри саастаах оҕолору киллэрэн туран, күнүскү көрүҥүнэн үөрэнэр оҕолорго уон сылга биирдэ тырааныспары ылыыга социальнай хантараакка олоҕуран харчынан төлөбүр бэриллэр. 2024 сылга төлөбүр кээмэйэ 883 484,00 солк. тэҥнэһэр.
Үс уонна онтон элбэх оҕону иитэр ыалларга Саха сиригэр иитэр дьиэ кэргэн дуогабарыгар олоҕуран сир учаастагын көмөлтө хаһаайыстыбаны уонна сайылыгы, сад-оҕуруот тэринэллэригэр, даачаны тутууга, кэтэх дьиэни туттууга сир учаастагын арыандаҕа биэрэллэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…