Салгыы
Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар 150-тан тахса киһи үлэлиир

Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар 150-тан тахса киһи үлэлиир

Ааптар:
09.05.2025, 11:28
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр.

Суукка иһигэр барыта холбоон 16 гектар иэннээх түөрт ойуур баһаарын умуруорбуттар. Ол эрээри бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар өссө үс саҥа уот күөдьүйбүт.

Билигин барыта 2 939 иэннээх алта ойуур баһаара баар: түөрт — Дьааҥыга, икки — Эбээн Бытантайга.

Саха сиригэр баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланыаҕыттан барыта 49 ойуур баһаара уонна 128 ландшафтнай баһаар бэлиэтэммит.

Бары сонуннар
Салгыы
9 мая
  • 15°C
  • Ощущается: 13°Влажность: 18% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: