сахагов
Ааспыт суукка устата Дьааҥы, Кэбээйи, Аллараа Халыма, Орто Халыма уонна Томпо улуустарыгар уопсайа 61 тыһыынча гектартан тахса иэни хаппыт 9 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Атырдьах ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 2 207 гектар иэҥҥэ 7 ойуур баһаара умайа турар. Тэҥнээн көрдөххө, былырыын бу кэмҥэ 570 361,3 гектар иэҥҥэ 78 ойуур баһаара умайара. Баһаар кутталлаах кэмэ саҕаланыаҕыттан уопсайа 189 141, 84 гектар иэҥҥэ 499 ойуур баһаара умуруорулунна.
СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан, бэс ыйын 5 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ бары сиригэр-уотугар уот куттала суох буолуутун ураты эрэсиимэ биллэриллибитэ. Ону таһынан, ураты эрэсиимнэр Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Чурапчы уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар, ону тэҥэ Жатай бөһүөлэгэр киллэриллибиттэрэ. Баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланыаҕыттан айылҕа баһаардарын 73 буруйдааҕа быһаарылынна, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһии иһин 150 боротокуол оҥоһулунна.
Айылҕа баһаарын буллугут да, Ойуур хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспатыгар бу нүөмэринэн эрийиҥ: 7-4112-44-74-76. Ону таһынан, ойуур харабылын биир кэлим нүөмэригэр эрийиэххэ сөп: 8-800-100-94-00.
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…