Саха сиригэр бары ойуур баһаардарын тохтоппуттар

Share

«Саха сиригэр ойуур баһаардарын салгыы тарҕаналларын тохтоттулар, бары нэһилиэнньэлээх пууннарынан куттал суох», — диэн Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы  Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, ааспыт сууккаҕа уопсайа 4 ойуур баһаара умуруоруллубут — 2677 га иэннээх Дьааҥыга, Муомаҕа, Уус Маайаҕа. Ити кэмҥэ Нерюнгри оройуонугар 1,1 гектар иэннээх саҥа ойуур баһаара көстүбүт.

Бэс ыйын 3 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр 6 ойуур баһаара баар — Дьааҥыга, Нерюнгрига уонна Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар уонна 2 ландшафтнай баһаар Булуҥ уонна Дьааҥы оройуоннарыгар. Баһаары умуруорууга 161 киһи уонна 13 тиэхиньикэ тардыллыбыт.

«Көдьүүстээх үлэ түмүгүнэн ойуур баһаардара умуруорулуннулар, нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох», — диэн Коноплев бэлиэтээтэ.

Кини итини сэргэ Дьааҥы, Уус Алдан, Эбээн Бытантай оройуоннарыгар, Жатай уонна Дьокуускай куорат уокуруктарынан ураты баһаарынай эрэсиимэ үлэлиирин тутуһан иһитиннэрдэ. Баһаар сүрүн төрүөтүнэн киһи буолар.

«Ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан 40 буруйдаах тутуллубут, тыаҕа баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии иһин 90 боротокуол оҥоһуллубут», — диэн Коноплев эттэ. Сезон саҕаланыаҕыттан 300 ойуур баһаарын умуруорбуттар. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор кэнсиэрдэрэ сэргэхтик ааста

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар «Көмүскэл» доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоох төрөппүттэр түмсүүлэрэ оҕолоругар анаан кэнсиэр оҥордулар.…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Биэс оҕо биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда

Биир кэлим эксээмэҥҥэ быйыл бастакынан 100 баалы ылбыт оҕолор ааттара билиннэ. Кинилэр кимнээҕий? Химия биридимиэтигэр…

9 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Айаҥҥа сэрэхтээх буолуҥ!

Өрүскэ айан саҕаламмытынан сибээстээн, кыра кээмэйдээх суудуналары өрүстэргэ, күөллэргэ ыытыы кэмигэр инникитин дьон-сэргэ тус олоҕор…

11 часов ago
  • Сыыппара
  • Үөрэх

ИТ-хайысханан үлэ булар чэпчээтэ

Госөҥөлөргө наадалаах ИТ- үөрүйэхтэргэ босхо тестированиены барар уонна РФ Цифровой сайдыыга министиэристибэтин официальнай сэртипикээтин ылар…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нерюнгри ыалдьыттары көрсөргө тэтимнээхтик бэлэмнэнэр

Таастаах диэн сиргэ "Амикан" этнография комплексын көрүү кэнниттэн, Нерюнгри оройуонун дьаһалтатын Олоҥхо ыһыаҕар  эппиэттээх исписэлиистэрэ,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Домофон уларытаары киирэн биэрбит

Нерюнгри оройуонун биэнсийэлээҕэ түөкүттэр “домофон уларытыыта” исхиэмэлэригэр киирэн биэрэн. Туох баар дьиэ кэргэнин уурумньутун барытын…

12 часов ago