Саха сиригэр ойуур баһаарын умуруорарга үһүс сөмөлүөт кэлиэҕэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна баһаарынай куттал суох буолуутун хааччыйыыга хамыыһыйа мунньаҕын ыытта.

Сүбэ мунньахха оройуоннарга сыһыаннаах быһыыны-майгыны сиһилии ырытыстылар уонна инники соруктары туруордулар диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Билиҥҥи туругунан, Саха сиригэр 465 тыһыынча гектардаах сиргэ 165 ойуур баһаара уонна 1,6 тыһыынча гектардаах ходуһа сиригэр 4 баһаар баар. Бу баһаардар үгүс өттүгэр этиҥтэн тахсаллар.

«Баһаар үксэ уустук суоллаах-иистээх уонна ыраах сытар сирдэргэ тахсаллар. Ол эрээри, ханнык баҕарар умайыы, тыаллаах буоллаҕына, кылгас кэмҥэ нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһыан сөп. Онон бары сулууспалары төһө кыалларынан, түргэнник хомуллан, уот күөдьүйэ илигинэ умуруораргытыгар көрдөһөбүн», — диэтэ Айсен Николаев.

Баһаары умуруорууга 1100-тэн тахса киһи үлэлиир, олор үгүстэрэ Саха сирин идэтийбит баһаарынайдара. «Авиалесоохрана» тэрилтэ уонна Бурятия, Коми өрөспүүбүлүкэлэрин итиэннэ Тюмень уобалаһын парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспаларын үлэһиттэрэ көмөҕө кэлэ тураллар. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ 365 киһи араас эрэгийиэнтэн кэлэн үлэлии сылдьар.

Баһаарга икки – Росгидромет уонна «Полярные авиалинии» хампаанньа зондировщик сөмөлүөтэ үлэлииллэр. Сөмөлүөттэр өрөспүүбүлүкэ 16 оройуонугар көттүлэр. Бэс ыйын бүтүүтэ Саха сирин сайаапкатынан «Авиалесоохрана» тэрилтэ сөмөлүөтэ эбии көмөҕө кэлэрэ күүтүллэр.

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистир Евгений Перфильев этэринэн, уустук балаһыанньа билиҥҥитэ Уус Маайа уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар үөскээтэ. Баһаарынай сулууспа сүрүн күүһэ онно үлэлиир.

Өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба Орто Халыма улууһугар турбут баһаарга ураты болҕомтотун уурар. Сылгы Ыытар сэлиэнньэтин аттыгар турбут баһаар иэнэ 16 тыһыынча гаҕа кэҥээтэ. Ону умуруорууга 105 киһи үлэлиир. Ону сэргэ «Атмосфера» Ан-26 зондировщик сөмөлүөт ууну ыстарар.

Теплай Ключ уонна Хаандыга бөһүөлэгин икки ардыгар баар ойуур баһаара эмиэ уустук балаһыанньалаах. Баһаар 104 тыһыынча гаалаах сиргэ баар. Уустук суоллаах-иистээх сир буолан, баһаарынайдар илиинэн умуруораллар. Уопсайа 135 киһи баһаары утары охсуһар. 25 тиэхиньикэ үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

12 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

26 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

42 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

56 минут ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

59 минут ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago