Саха сиригэр ойуур баһаарын ыытыыга 13 буруйдаах баара билиннэ
Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах ЫБМ эрэһиимэ үлэлии турар. Ону тэҥэ ойуурга тахсары хааччахтыыр баһаары утары эрэһиим дьайыыта салҕанар.
Билигин ойуур баһаардара буолар биричиинэлэрин чопчулуур үлэ, буруйдаахтары булан ылар уонна ойуур пуондатыгар оҥоһуллубут хоромньуну ааҕыы бара турар.
СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр эппиттэринэн, сибилигин ойуур баһаарыгар буруйдаах 13 киһи баара билиннэ: Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам уонна Ньурба улуустарыгар иккилии, Нерюнгри, Бүлүү оройуоннарыттан, Дьокуускай куораттан биирдии киһи.
Бу 13 киһиттэн административнай буруйу кэһии туһунан Кодекс 8.32 ыстатыйатын 4 чааһынан административнай эппиэтинэскэ 6 киһи тардылынна: Мэҥэ Хаҥаластан иккиэлэр, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Нам улуустарыттан биирдии. Үс киһи 150 тыһ. солк. суумалаах ыстараабы төлөөтө, үс киһиэхэ сэрэтии бэрилиннэ. Холуобунай дьыалаҕа тардыллааччы суох. 7 дьыала үөрэтиигэ сылдьар.
Саха сиригэр ойуур баһаарын ыыппыт буруйдааҕы буларга көмөлөһөн, быраабы араҥаччылыыр уорганнарга эбэтэр хонтуруоллуур-кэтиир уорганнарга дьиҥнээх информацияны биэрдэххэ 10 тыһ. солк. харчы төлөнөр. Төлөбүр хас биирдии ойуур баһаарыгар, уот туруутугар буруйдаах хас биирдии киһиэхэ оҥоһуллар. Ол эрээри уот барыытыгар хас да киһи буруйдаах да буоллаҕына, төлөбүр 50 тыһ. солкуобайтан улааппат, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Ойуур хаһаайыстыбатын сулууспатын төлөпүөнэ: 8-800-100-94-00.
СӨ Ойуур хаһаайыстыбатын эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспата: 8(4112) 44-74-76, 8(4112) 44-77-76.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: