Саха сиригэр Олоҥхо күнүн киэҥник бэлиэтиэхтэрэ

Share

Быйыл Олоҥхо күнүн чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар араас куонкурустар, бэстибээллэр, быыстапкалар, испэктээктэр, научнай-быраактыычаскай кэмпириэнсийэлэр, квестар, көрсүһүүлэр, айар биэчэрдэр, кинигэлэр биһирэмнэрэ, олоҥхону толоруу тэрээһиннэрэ былааннаналлар.

Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сэтинньигэ «Ыалга олонхолооһун», «Олоҥхоһут – оскуолаҕа», «Олоҥхо дойдутунан олоҥхолоох айан», «Тэрилтэнэн олоҥхону истии», «Истээччини иитии» бырайыактар үлэлиэхтэрэ. Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра үөрэх тэрилтэлэригэр «Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор» олоҥхо матыыбынан испэктээги көрдөрүөҕэ.

Олоҥхо күнүн бырагыраамаатыгар оҕолор уонна улахан дьон кыттыылаах үгүс трээһин баар. Ол курдук, 7-10 кылааастар үөрэнээччилэрин ортолоругар олоҥхоҕо ыраахтан V өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада, «Олоҥхолуур куукулам» куукулалар бэстибээл-куонкурустара, «Муҥха олоҥхото» ыччаттар уонна устудьуоннар бэстибээллэрэ уо.д.а. ыытыллыахтара. Ону сэргэ олоҥхо матыыптарынан испэктээктэр уонна олоҥхону толоруу үгүс дьон сэҥээриитин ылыахтара.

Сэтинньи 25 күнүгэр, Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев олоҥхоһуттарга, оһуохайы таһаарааччыларга, уустарга уонна норуот маастардарыгар сэртипикээттэри туттарыаҕа. Өксөкүлээх Өлөксөй ааатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Олоҥхо күнүгэр аналлаах үөрүүлээх биэчэр буолуоҕа.

Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылынан Олоҥхо күнүгэр Олоҥхо тыйаатырын уонна П.И.Шадрин аатынан Өктөм уопсай үөрэхтээһинин оскуолата оҕолорго аналлаах олоҥхо-испэктээги көрдөрүөхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөнэ муостата тутуу кыһыннары бара турар

Кырдьаҕас Табаҕа таһынан Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуута кыһыҥҥы кэми аахсыбакка бара турар. [gallery ids="168010,168011,168012,168013,168015"]…

3 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бэйиэт Зинаида Архипова айар киэһэтэ буолла

Бэйиэт, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, "Алта" кинигэ кыһатын салайааччы, СӨ бэчээтин туйгуна Зинаида Архипова "Көс…

5 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дьиэрэй ырыам” кэнсиэр үгүс дьону муста

Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра сэтинньи 14 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй  аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр …

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга уоппусканы хаһан ылар табыгастаааҕый?

Үлэ тэрилтэлэрин каадырга отделлара сэтинньигэ-ахсынньыга эһиилги сылга уоппуска графигын оҥороллор. Уоппуска төлөбүрэ хайдах оҥоһулларый? Уоппуска…

39 минут ago
  • Сонуннар

«Анонимнай кэбиниэккэ» Аһаҕас аан күннэрэ ыытыллаллар

Сэтинньи 13-22 күннэригэр Сылдьыһыынан бэриллэр инфекционнай ыарыылары (ИППП) сэрэтэр үлэ дэкээдэтэ биллэрилиннэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи тирии-венерологическай диспансер…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сарсын Саха сиригэр 45 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Саха сиригэр сылыйыыны аҕалбыт циклон баран, Дьокуускайга, киин уонна да атын улуустарга биллэ тымныйда. Сарсын,…

1 час ago