Саха сиригэр олорор омуктар тылларынан дьыктаан ыытыллар
Төрөөбүт тыллар декадаларын чэрчитинэн, олунньу 14 күнүттэн Саха сиригэр олорор норуоттар тылларынан дьыктааннар ыытыллыахтара. Кыргызтар, татаардар, узбектар, кэриэйдэр, эрмээннэр, бүрээттэр, таджиктар, тувиннар кыттыахтара. Дьыктааннар сүрүннээн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыллыахтара.
— Элбэх омук олорор өрөспүүбүлүкэтигэр төрөөбүт тыллары харыстааһын, сайыннарыы олус суолталаах. Тыл — өбүгэлэрбит хаалларбыт тыыннаах нэһилиэстибэлэрэ. Тылы билэр эрэ кыра, таба суруйуу эмиэ суолталаах, — диэн Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннар отделларын салайааччы Ирина Стрекаловская этэр.
Олунньу 14 күнүгэр татаар, кыргыз тылларынан дьыктааны суруйдулар. Олунньу 15 күнүгэр кэриэйдии, олунньу 16 күнүгэр — бүрээттии, олунньу 17 күнүгэр — таджиктыы, узбектыы, эрмээннии, олунньу 18 күнүгэр тувинныы тылынан суруйуохтара.
Аан бастаан маннык дьыктааны Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ 2022 сыллаахха тэрийбитэ.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин «биһиги дойдубутугар элбэх омук бииргэ тоҕуоруһан, биир тылы булан, бэйэ-бэйэни ытыктаһан олороллоро — судаарыстыба төрүтэ, уопсай ситиһиибит буолар» диэн этэн турар.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: