Салгыы
Саха сиригэр омуктар икки ардыларынааҕы дьахталлар бастакы пуорумнара буолар

Саха сиригэр омуктар икки ардыларынааҕы дьахталлар бастакы пуорумнара буолар

22.10.2022, 11:49
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр олорор 100-чэкэ араас омук кэрэ аҥаара “Норуот үгэһин харыстааһын уонна сөргүтүү — ийэлэр илиилэригэр” диэн омуктар икки ардыларынааҕы I  пуорумҥа кыттыаҕа. Ийэ сылыгар ананар тэрээһин бүгүн, алтынньы 22 күнүгэр, Дьокуускай куоракка Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буола турар.

“Элбэх омук тоҕуоруһан олорор өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын Ийэ сылынан биллэрбиппит. Бары норуот устуоруйата, хас биирдиибит устуоруйата саамай истиҥ киһиттэн – ийэттэн саҕаланар. Ол иһин биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ кэргэни харыстааһын, ийэ уонна оҕо харыстабылыгар улахан болҕомтону уурабыт”, — диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев эрдэ бэлиэттээн эппитэ.

Пуорум сүрүн соруга – дьахталлар көҕүлээһиннэрин уонна бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах уопут атастаһар былаһаакканы тэрийии. Аныгы уопсастыбаҕа норуот култууратын харыстаан илдьэ сылдьалларын быһыытынан араас омуктаах дьахталлар социальнай таһымнарын бөҕөргөтүү эмиэ улахан суолталаах.

Пуорум иитинэн элбэх оҕолоох ийэлэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга эҕэрдэлиэхтэрэ уонна “Норуоттар ийэ туһунан ыллыыллар” кэнсиэр ыытыллыаҕа. Пуорумҥа өрөспүүбүлүкэ национальнай-култуурунай общиналарын бэрэстэбиитэллэрэ, элбэх оҕолоох ийэлэр, ону тэҥэ, төрүт астар быыстапкаларын тэрийэр норуот маастардара кыттыахтара.

Сиһилии иһитиннэриини А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин саайтыгар көрүөххүтүн сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: