Саха сиригэр Онкология киинин саҥа каадырдарынан күүһүрдүөхтэрэ

Саха сиригэр Онкология киинин саҥа каадырдарынан күүһүрдүөхтэрэ

20.10.2022, 17:30
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр тутулла турар Онкология киинин каадырдарынан хааччыйарга  былааннаах үлэ ыытыллар. Аан дойду стандартарыгар эппиэттиир Киин Уһук Илиҥҥэ эрэ буолбакка,  Сибииргэ эмиэ  аныгы мэдиссиинискэй тэриллэринэн сэбилэммит уонна үрдүк технологиялары туһанар саамай улахан киининэн буолуохтаах.

«Саха сирин онкологтара Арассыыйа уонна омук сирин сүрүннүүр килииникэлэригэр стажировкаланаллар. Өрөспүүбүлүкэ билигин А.С.Логинов аатынан Москватааҕы  килиниичэскэй научнай киини кытары ыкса ситимнээхтик үлэлиир.  Аан дойдуга киэҥник биллэр онколог-хирург Игорь Евгеньевич Хатьков биһиги исписэлиистэрбитигэр көрдөрөр эпэрээссийэлэри оҥорбута”, — диэн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.

Игорь Хатьков быйыл ахсынньыга Саха сиригэр өссө төгүл кэлэн, эмтэнээччилэргэ кыра «орооһуулаах» видеоэндоскопия эпэрээссийэлэригэр маастар-кылаастары ыытар санаалаах.

Онкология киинигэр саҥа штаттар эбиллиэхтээхтэрин учуоттаан, Киин 1103 үлэһиккэ наадыйар. Билигин диспансер 500-тэн тахса исписэлиистээх. Ол курдук, өссө 600-чэ исписэлиис, ол иһигэр, быраастар, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэр, санитаркалар, инженердэр, оробуочайдар уо,д.а. үлэһиттэр наадалар. Билигин Онкология киинин салалтата   СӨ бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн  исписэлиистэри таларга уонна бэлэмнииргэ улахан үлэни  ыытар.

2022 сылга  диспансерга 12 эдэр быраас, 14 орто мэдиссиинискэй исписэлиис үлэҕэ ылылынна. Билигин 26 быраас —  килиниичэскэй ординатураҕа, 31 — үрдүк үөрэх кыһаларыгар, 27 киһи орто мэдиссиинискэй үөрэхтэргэ үөрэнэр.

ХИФУ Мэдиссиинэ институтун базатыгар онкология кафедратыгар 2019 сылтан 14 онколог-ординатор үөрэннэ , бастакы сүһүөх бэлэмнэниини – 25, сэртипикээт  циклын – 14 киһи ааста, 19 киһи үөрэҕин үрдэттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: