Саха сиригэр оҥоһуллубут «Бетукладин» атыыга таҕыста
Саха сирн учуонайдара оҥорбут «Бетукладин» диэн эбиликтэрэ атыыга таҕыста. Бу эбилик (БАД) вирустаах ыарыылары, ол иһигэр «ковид» ыарыыны эмтиир уонна доруобуйа чөлүгэр түһэригэр көмөлөһөр.
— Бастакы баартыйа Дьокуускай аптекаларыгар балаҕан ыйыгар атыыга тахсыбыта. Билигин интэриниэтинэн федеральнай былаһаакаларга тахсарга бэлэмнэнэбит. Ону тэҥэ, Соҕуруулуу-Илиҥҥи Азия дойдуларыгар таһаарары эмиэ былаанныыбыт, — диэн оҥорон таһаарааччы «Витанорд» ХЭТ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Петр Максимов СИА-ҕа кэпсээтэ.
«Бетукладины» Арассыыйатааҕы Наука академиятын Саха сиринээҕи салаатын Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун учуонайдара оҥорбуттара. Онтон оҥорон, атыыга тарҕатар хампаанньанан «Витанорд» ылсан үлэлээн эрэр.
Бу Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн — туостан, лабыктаттан оҥоһуллубут эбилик буолар. «Ковид» кэмигэр көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ. Балыыһаларга тарҕатан, дьону эмтээбиттэрэ.
2020-2021 сылларга «Бетукладин» килиниичэскэй чинчийии бары түһүмэхтэрин ааспыта. Ону тэҥэ, дьон биирдиилээн атыылаһан баран, биһирээбиттэрин биллэрбиттэрэ. Ол туһунан «Саха сирэ» хаһыакка хаста да суруйан турабыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: