Саха сиригэр оҥоһуллубут «Бетукладин» атыыга таҕыста

Share

Саха сирн учуонайдара оҥорбут «Бетукладин» диэн эбиликтэрэ атыыга таҕыста. Бу эбилик (БАД) вирустаах ыарыылары, ол иһигэр «ковид» ыарыыны эмтиир уонна доруобуйа чөлүгэр түһэригэр көмөлөһөр. 

Бастакы баартыйа Дьокуускай аптекаларыгар балаҕан ыйыгар атыыга тахсыбыта. Билигин интэриниэтинэн федеральнай былаһаакаларга тахсарга бэлэмнэнэбит. Ону тэҥэ, Соҕуруулуу-Илиҥҥи Азия дойдуларыгар таһаарары эмиэ былаанныыбыт, — диэн оҥорон таһаарааччы «Витанорд» ХЭТ генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Петр Максимов СИА-ҕа кэпсээтэ.

«Бетукладины» Арассыыйатааҕы Наука академиятын Саха сиринээҕи салаатын Криолитозона биологическай кыһалҕаларын институтун учуонайдара оҥорбуттара. Онтон оҥорон, атыыга тарҕатар хампаанньанан «Витанорд» ылсан үлэлээн эрэр.

Бу Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэртэн — туостан, лабыктаттан оҥоһуллубут эбилик буолар. «Ковид» кэмигэр көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ. Балыыһаларга тарҕатан, дьону эмтээбиттэрэ.

2020-2021 сылларга «Бетукладин» килиниичэскэй чинчийии бары түһүмэхтэрин ааспыта. Ону тэҥэ, дьон биирдиилээн атыылаһан баран, биһирээбиттэрин биллэрбиттэрэ. Ол туһунан «Саха сирэ» хаһыакка хаста да суруйан турабыт.

What’s your Reaction?
+1
12
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

15 часов ago