Саха сиригэр оҥоһуу өй ФЛГ түмүгүн таһаарыа
Оҥоһуу өй көмөтүнэн флюорография анализтааһынын тиһигин туһаныы чинчийии түмүгүн ылар болдьоҕун аччатар, гиподиагностика түбэлтэтин аҕыйатар, киһи сыыһар түбэлтэтин суох оҥорор уонна организмҥа уларыйыы баарын тутатына быһаарар кыаҕын улаатыннарар.
Бу туһунан Е.Н. Андреев аатынан «Фтизиатрия» билим-быраактыка киинин дириэктэрэ Егор Прокопьев кэпсээтэ. Оҥоһуллубут бырагыраама мүнүүтэҕэ 150 хаартыска түһэриитин көрөр уонна кэлэр өттүгэр хаартыска ааҕыытын солбуйуон, тыҥа ыарыытын сибикитин быһаарар кыаҕын түргэтэтиэн сөп.
«Урут флюорография чинчийиитин түмүгүн биир күн кэннэ ылар эбит буоллахтарына, билигин бырагыырама бу бириэмэни 7 мүнүүтэҕэ диэри аччатар кыаҕы биэрэр. Ыарыһах биир күнүнэн буолбакка, ыарыһах тахсарыгар тутатына түмүгү ылыан сөп», – диэтэ Егор Прокопьев.
Миэдиктэр санааларынан, сыыппара технологиялара территориальнай харгыстары туоратарга уонна мэдиссиинэ өҥөлөрүн кэҥэтэргэ, ордук мэдиссиинэ өҥөтүн тиһигин быспакка тиийимтиэ уонна квалификациялаах мэдиссиинэ үлэһиттэрэ тиийбэтин ситиһэн тохтоторго тоҕоостоох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: