Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы элбээтэ
07.02.2024, 19:00
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:
Бу сыл бэһис нэдиэлэтигэр ааспыт нэдиэлэтээҕэр ОРВИ-нан ыалдьыы 31%-нан үрдээбит. Эпидпорог 11,2%-нан үрдээбит. Бу туһунан СӨ Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта аҕыс тыһыынчаттан тахса киһи ыалдьыбыта биллибит: 3-6 саастаах — 3,8%, 7–14 саастаах — 13%, 15 саастаах — 57%.
Ордук негриппознай этиологиялаах вирус (РС-вирустар, парагрипп вируһа, аденовирус, риновирус, коронавирус) тарҕаммыт, итиэннэ коронавирус инфекциятын саҥа көрүҥэ 20 % тарҕаммыт.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: