Саха сиригэр ОРВИ-нан ыалдьыы нэдиэлэ иһигэр 36 % улаатта
37%-нын кириип, 35%-нын кириип буолбатах ыалдьыы, 28%-нын COVID-19 ылаллар.
Саха сиригэр сытыы респираторнай вируснай инфекция (ОРВИ) тарҕанан эрэр. Нэдиэлэ иһигэр көрдөрүү 36% улаатта. Уопсайа, өрөспүүбүлүкэҕэ сытыы респираторнай вируснай инфекция алта тыһыынчаттан тахса түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, диэн тохсунньу түмүгүнэн Роспотребнадзор эрэгийиэннээҕи управлениетын дааннайдарыгар этиллэр.
Урукку өттүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ эргийэ сылдьар кириип вируһун быдан улахан өлүүскэтин COVID-19 үөскэтэр вирустар эбит буоллахтарына, ааспыт нэдиэлэ устатыгар кириибинэн ыалдьыы (37%) элбээтэ. Кириип буолбатах ыарыы 35%-ны, COVID-19 – 28%-ны ыллылар.
РФ Роспотребнадзорун иһитиннэриитинэн, дойдуга сытыы респираторнай вируснай инфекциянан ыалдьыы 12,9 % үрдээбит. Арассыыйа орто көрдөрүүтүн дойду 49 эрэгийиэнигэр куоһарбыттар. Ааспыт нэдиэлэни кытта тэҥнээтэххэ, 35 эрэгийиэҥҥэ балыыһаҕа киирбит дьон ахсаана 30%-нан үрдээбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: