Салгыы
Саха сиригэр  остеопороһу сэрэтии нэдиэлэтэ саҕаланна

Саха сиригэр  остеопороһу сэрэтии нэдиэлэтэ саҕаланна

16.10.2023, 19:30
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-киинэ
Бөлөххө киир:

Остеопроһу сэрэтии нэдиэлэтэ алтынньы 16-20 күннэригэр ыытыллан, остеопороз сүрүн кыһалҕаларыгар,  ыарыыны сэрэтиигэ уонна эрдэттэн эмтэниигэ хайысхаланыаҕа.

Остеопороз – уҥуох кэбирээн, тостуу, эчэйии куттала үөскүүрүгэр тириэрдэр ыарыы. Доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтин чахчытынан, бу ыарыы саастаах дьон эйэчиилэрин  сүрүн төрүөтүнэн буолар.

Ыарыыны сэрэтии биир көрүҥүнэн сөпкө аһааһын ааҕыллар. Киһи организма кальцийынан уонна D битэмиининэн хааччыллыахтаах. Остеопороһы сэрэтии өссө биир суолталаах көрүҥүнэн эти-сиини эрчимирдии буолар. Ол эбэтэр тиһигин быспакка оҥоһуллар эрчиллиилэр уҥуох тканнара кытааталларыгар көмөлөһөллөр. Исписэлиистэр остеопороһы сэрэтэргэ хаамыынан, сүүрүүнэн, үҥкүүнэн уонна уҥуоҕу, быччыҥнары бөҕөргөтөргө аналлаах эрчиллиилэринэн (гантелы көтөҕүү, тренажернайдар) дьарыктанарга сүбэлииллэр.

Ону сэргэ, табахтааһын уонна арыгыны сиэрэ суох иһии уҥуох туругар куһаҕаннык дьайаллар, остеопороз сайдар кутталын күүһүрдэллэр. Сөп буола-буола бырааска сылдьан, денситометрия аппараатыгар көрдөрөр туһалаах. Манна уҥуохтарын туругун билэҕин уонна остеопороз сибикитин быһаартараҕын.

Бу сүбэлэри күннээҕи олоххо туһаныы остеопороз сайдар кутталыттан көмүскүүр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: