Саха сиригэр «ОСТРОГ- 2024» үлэ бырайыага саҕаланна

Share

Балтараа ый устата 8 устудьуоннар этэрээттэрин 136 байыаһа «ОСТРОГ- 24» үлэ бырайыагын чэрчитинэн Дьокуускай куорат 8 уокуругун территориятын тупсарыахтара.

Ол курдук, устудьуоннар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрэ. Санаттахха, Ил Дархан Айсен Николаев «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара быйыл дойду  үрдүнэн биир улахан күрэхтэһиитэ буоларын уонна үрдүк таһымҥа ыытылларын бэлиэтээбитэ.

«Быйыл биһиги 2018 сылга диэри көдьүүстээхтик үлэлээбит Дьокуускай куораты тупсарыы үлэ тиһигин сөргүттүбүт. Бу этэрээт састаабыгар быйыл 40 оҕо кыттыыны ылыахтара. Ити барыта үүнэр көлүөнэҕэ үлэҕэ иитэр тэрээһиннэри күүһүрдэргэ көмөлөһүөҕэ. Үлэ тиһигэ сыллата оннунан хаалан, инникитин өссө тупсуо диэн эрэнэбин», — диэн «Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрэ» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин Саха сиринээҕи ыстаабын салайааччыта Айсен Соловьев билиһиннэрдэ.

Хас биирдии этэрээккэ 17-лии устудьуон, ону кытта куорат оскуолаларыттан үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ бааллар. Этэрээттэргэ «Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрэ» Саха сиринээҕи отделын байыастарыттан хамандыырдар уонна баһаатайдар сыһыарылыннылар. Бу бырайыак уратыта диэн үлэни таһынан сынньалаҥҥа араас көрүҥнээх элбэх тэрээһиннэр ыытыллаллар, ол иһигэр квестар, куонкурустар, күрэхтэһиилэр, о.д.а.

Быйыл устудьуоннар этэрээттэрэ 65 сыллаах үбүлүөйүн уонна  аныгы устуоруйата тэриллибитэ 20 сылын бэлиэтииллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты оҥорор былаанын толоруоҕа

Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин -- 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс түмүктэннэ

Күүтүүлээх-кэтэһиилээх, биэс күн устата барбыт долгутуулаах Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ.…

27 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Кыл Саха» 10 сыллаах дьоро киэһэтигэр «кылыһахтардыын сахалыы кэпсэтэ»

2014 сыллаахха СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Гранынан,  оччотооҕу миниистир Андрей Борисов өйөөһүнэн, маастардар…

42 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит

Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит. Дьокуускайга 2 №-дээх…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

2 часа ago