Хаартыска: https://www.sakha.gov.ru/
Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 458 758 туонна от (былаан 99%-на) оттонно. 24 494 туонна (102%) сиилэһи, 12 845 туонна (99%) сенаһы бэлэмнээтилэр.
2024 сыл саҥатыгар 186,2 тыһыынча төбө сылгы баар буолара күүтүллэр. Быйыл сылгыга анаан 459 307 туонна от бэлэмнэннэ, ол былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, 15 %-нан элбэх.
Ил Дархан сорудаҕынан, улуустарга мобильнай биригээдэлэр тэриллэн оттообуттара. Бүгүҥҥү күҥҥэ мобильнай биригээдэлэр 24 592 туонна оту ыраах, суола суох сирдэргэ баран, оттоотулар.
Үүнээйини хомуйуу үлэтэ салҕанар. Бурдугу 5881 туоннаны (былаан 56%-на), 51475 туонна (79%) хортуосканы хомуйдулар. Оҕуруот аһын барыта 17 333,7 туоннаны (56%), ол иһигэр хапыыстаны — 4 770,9 туоннаны, моркуобу — 1 717,5 туоннаны, сүбүөкүлэни — 1518 туоннаны, атын оҕуруот аһын — 1328,4 туоннаны хомуйдулар. Тэпилииссэҕэ хомуллар оҕуруот аһа 7999 туонна хомулунна.
Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаан Горнай улууһун Бэрдьигэстээх ыччаттара ГТО нуорматын көрүҥнэригэр күүстэрин холоннулар. Саас…
Бэс ыйын 20, 21, 22 күннэригэр Саха тыйаатырыгар “Өтөх” испэктээк премьерата буолаары турар. Испэктээги туруоруу…
ИДьМ Дьокуускай куорат 1 №-дээх салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай олохтооҕуттан үҥсүү киирбит. Ол курдук дьахтары…
Бэс ыйын 20 күнүгэр Баһылай Манчаары төрөөбүт "Арыылаах" алааһыгар сарсыарда 10 чаастан ХХII төрүт успуорт …
Хаһыҥ түһэрин истибэтэх эбэтэр кэмин баттаһа бүрүйбэтэх элбэх улуус, куорат олохтоохторун үүнээйилэрэ бэҕэһээ, бүгүн сарсыарда…
Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэринэн, бу түүн, ол эбэтэр бэс ыйын 18 күнэ үүнэр түүнүгэр, Горнай, Хаҥалас,…