Саха сиригэр отут ойуур баһаара умуруорулунна

Share

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа уопсайа 59,2 тыһ. га иэннээх сири хаппыт 30 ойуур баһаара уонна 1, 5 тыһ. га иэннээх сири хаппыт биир ландшафтнай баһаар умуруоруллубут.

Маны сэргэ, уопсайа 6,5 га иэннээх сири хаппыт икки ойуур баһаара булуллубут. Бу туһунан бүгүн, бэс ыйын 29 күнүгэр, киэһээҥҥи брифиҥҥэ СӨ экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар бу киэһээҥҥи иһитиннэриинэн, 138 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 526 тыһ. га) уонна Аллайыаха улууһугар 1 ландшафтнай баһаар (уот хаппыт уопсай иэнэ 2,5 тыһ. га) баара бэлиэтэнэр. Итинтэн Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Орто Халыма улуустарыгар уоту утары охсуһааччылар күүстэринэн  6 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 26,8 тыһ. га) бохсуллубут.

Ойуур уотун умулларыыга барыта 1429 киһи уонна 77 тиэхиньикэ үлэлиир.

10  нэһилиэнньэлээх пуунтан 15  км. тэйиччи баар 11 ойуур баһаара хонтуруолга тутуллар. Куттал нэһилиэнньэлээх пууннарга суоһаабат.

Бүгүн 19 салгын аала ботурууллаабыт, 9 — ойуур баһаарын умуруорууга үлэлээбит. Маны сэргэ, үс зондировщик-самолет уонна Бе-200 дьуһуурустубалыыллар.

Ил Дархан ыйааҕынан, бэс ыйын 26 күнүгэр эрэгийиэн сиригэр-уотугар баһаары утары ураты эрэсиим биллэриллибитэ. Ураты эрэсиим Алдан, Амма, Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Муома, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Нам, Сунтаар, Орто Халыма, Томпо, Таатта, Хаҥалас, Чурапчы, Уус Алдан, Уус Маайа улуустарыгар уонна Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар биллэриллибитэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • "Азия оҕолоро"
  • Сонуннар

Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин хамаандата «Эргэ куораты» кытта билистэ

“Азия оҕолоро” VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар чэрчилэринэн СӨ Туризм сайдыытыгар ааҕыныстыбата Дьокуускай куорат устун…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Стендовай ытыыга тириэньэр Аркадий Андреев сулустаах чааһа: кини оҕолоро мэтээл хаһаайыттара

От ыйын 2-с уонна 3-с күннэригэр "Олимпиец" ытар комплекска стендовай ытыыга икки күрэхтэһии түмүктэннэ. Биирдиилээн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска сайаапкалары ылыы салҕанар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри Бүтүн Арассыыйатааҕы «Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска сайаапкалары ылыы салҕанар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ленскэйгэ эмчиттэр көлөлөөх буолан, ыраах сытар нэһилиэктэр олохтоохторун көрөллөр

Ленскэй оройуонугар сыл саҕаланыаҕыттан 400-тэн тахса ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пуун олохтоохторо улуустарын быраастарыгар бэрэбиэркэлэннилэр. Ленскэйдээҕи…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Саха сиригэр дьиэ кэргэн пиэрмэлэрин өйөөһүҥҥэ 90 мөл. солк. көрүллүөҕэ

Бэс ыйын 24 күнүттэн от ыйын 24 күнүгэр диэри  «электроннай бүддьүөт» тиһигэр агробырамыысыланнай комплекс тутаах…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин хамаандата мини-футболга үрүҥ көмүс мэтээли ылла

Бүгүн, от ыйын 3 күнүгэр, Дьокуускайга «Кыайыы 50 сыла» успуорт уораҕайыгар «Азия оҕолоро» норуоттар икки…

5 часов ago