Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар дьаһаллар уонна судаарыстыбаннай бэлиитикэ көмөлөрүнэн өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ уонна дойдуга төрөөһүн көрдөрүүтүнэн инники кэккэҕэ иһэр.
Быйыл сайын Саха сиригэр өр күүтүүлээх мөлүйүөн ахсааннаах оҕо – Сайыына кыысчаан күн сирин көрбүтэ. 2019 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата оҕо доруобуйатын харыстабылыгар эрэгийиэннээҕи бырагырааманы бигэргэппитэ. Бырагыраама сүрүн соругунан 2024 сылга диэри кырачаан оҕо өлүүтүн аҕыйатыы буолар. Биир суолталаах хайысха — мэдиссиинэ үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтии.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин сүрүн педиатра Александра Уарова: “Неонатология, акушерство-гинекология, анестезиология уонна педиатрия салааларын исписэлиистэрин федеральнай кииннэр симуляционнай кииннэригэр, ону сэргэ ХИФУ Үөрэтэр киинигэр бэлэмниибит. 2019-2022 сылларга 251 исписэлиис үөрэннэ, 2023 сылга өссө 72 исписэлиис үөрэниэхтээх”, — диэн иһитиннэрдэ.
Ураты болҕомто педиатрияҕа ыарыыны сэрэтэр уонна чөлүгэр түһэрэр аныгы технологиялары туһаныыга ууруллар. Бырагыраама чэрчитинэн оҕо поликлиникаларын уонна отделениеларын материальнай-тиэхиньиичэскэй баазалара тупсарыллар. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотугар күүһү түмэр туһунан этэр.
Арктика оҕолоругар ураты болҕомто ууруллар, “мобильнай доктордар” анал педиатрическай биригээдэлэрэ Арктика улуустарын ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар тиийэллэр. Ол курдук, 2023 сыл олунньутуттан мэдиссиинэ анал көмөтүнэн Арктика 13 улууһун 31 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо, ол иһигэр 9 тыһыынча оҕо, туһанна.
Оҕо доруобуйатын харыстабылын сайыннарыы эрэгийиэннээҕи бырагырааматын олоххо киллэрии оҕолорго бастакы сүһүөх мэдиссиинискэй-санитарнай көмө уонна кинилэр доруобуйалара тупсарыгар көмөлөһүөҕэ.
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…
Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…
"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…