Быстах байыаннай хомуур саҕаланыаҕыттан Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай кииҥҥэ барыта 4500 киһи өйөбүлү ылла.
Ол иһигэр – анал байыаннай дьайыыларга кыттааччылар, төннөн кэлээччилэр, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, чугас дьонноро бааллар. Бу туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ киин салайааччыта Владимир Скрябин иһитиннэрдэ.
Кини киирэр боппуруостар чыҥха уларыйбыттарын бэлиэтээтэ. «Cуһал психологическай көмөҕө наадыйааччы кэлэрэ биллэрдик намтаата. Биһиги аны орто уонна уһун болдьохтоох көмөнү оҥорорго көһөн эрэбит. Тоҕо диэтэххэ, дьон буола турар быһыыны-майгыны уйулҕа өттүнэн ылынар буолан эрэр. Ол аата, бу балаһыанньаны кытары эйэлэстибит эбэтэр кыаммаппыт-түгэммэппит диэн буолбатах, төттөрүтүн, бу киһи сабыдыалы ылынан, билиҥҥи усулуобуйаҕа доруобай турукка төннүүтэ буолар», – диэн быһаарда Владимир Скрябин.
«Төлөпүөнүнэн өҥөнү ылыы аҕыйаан иһэр, ол оннугар сирэй көрсөн кэпсэтии улаатар. Биирдиилээн уонна дьиэ кэргэнинэн кэлэн, холобур, ийэ оҕотун кытары эбэтэр ыаллар бииргэ кэлэн психологиескай көмө ылаллар. Итини таһынан, өйөбүл бөлөҕөр киирсэн хас да хайысханан үлэлиибит. Биһиги психологтарбыт Дьокуускайга эрэ буолбакка, филиалларбыт баар улуустарыгар эмиэ үлэлииллэр», – диэн дириэктэр эттэ.
«Анал байыаннай дьайыыларга кыттааччылары, төннөн кэлээчччилэри, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытары кэпсэтэн биллэххэ, маннык көмөлөрү ылан кинилэр көмүскэллээх, дурдалаах-хаххалаах курдук сананаллара бэлиэтэнэр. Элбэх ийэ, эдьиий, кэргэн аралдьыйаары араас уопсастыбаннай дьыалаларынан дьарыктаналлар – ол сөп. «Информационнай хабахтан» тахсарга бэйэни аралдьытыныыга дьарыктаах буолар үчүгэй. Өскөтүн маннык бөлөхтөргө психолог көмөтө наада буоллаҕына, «итии лииньийэҕэ» 122, салгыы — 6, салгыы -2 төлөпүөнүнэн сайаапка биэриэххитин сөп», – диэн брифинг түмүгэр киин салайааччыта Владимир Скрябин эттэ.
Санатар буоллахха, психологическай көмөҕө наадыйар буоллаххытына, маннык төлөпүөнүнэн: 8-800-100-35-50 (суукканы эргиччи), Дьокуускай куоракка суруттарыыга уонна улуустарга баар кииннэр төлөпүөнннэрин билэргэ 8 (4112) 31-91-09 эрийиҥ.
Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…