Саха сиригэр «PROдвижение» контент-марафон саҕаланна
Бастакы “PROдвижение” контент-марафон “Обращайся” сыһыарыыга саҕаланна. Кыттааччылар блогер буолуохтарын уонна бэйэлэрин контеннарыгар харчы ылыахтарын сөп. Элбэх киһини бэйэтигэр тарпыт кыттааччы сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланыа итиэннэ “Якутия – твоя сила духа” бренд амбассадора буолуоҕа. Куонкурус бирииһин пуондата — 1 мөл. солк.
Кыттааччыларынан 18-тан үөһэ саастаах Арассыыйа олохтоохторо буолуохтарын сөп. Кинилэр “Обращайся” сыһыарыыга аккаунт оҥороллор, нэдиэлэҕэ үстэн аҕыйаҕа суох хайа баҕарар тиэмэҕэ постары таһаараллар, подписчиктары уонна кинилэр куоластарын хомуйаллар. Кыттааччы каадырга хайаан да баар буолара эбэтэр видеоҕа көстүбэккэ саҥарара билигин чуолкайдана сылдьар.
“Биһиги интэриэһинэйи, туһалааҕы, үчүгэйи кэпсиир саҥа блогердары булуохпутун баҕарабыт. Ону тэҥэ туһанааччылар, биисинэс-хампаанньалар уонна муниципальнай дьаһалталар бииргэ хардарыта үлэлэһэр саҥа медиа платформаларын оҥоруохпутун баҕарабыт”, – диир “Обращайся” метасреда төрүттээччитэ Петр Бурцев.
“Обращайся” сыһыарыы Арассыыйа иэнигэр икки сыллааҕыта тахсыбыт. Бу кэм устатыгар 31 тыһ киһи туруоруммут, күннэтэ Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн, Казахстантан 7 тыһыынчаҕа тиийэ киһи киирэр.
“PROдвижение” куонкурус кыайыылаахтарын, призердарын сэтинньи 29 күнүгэр ким төһө элбэх подписчиктааҕынан быһаарыахтара. Бастыҥ блогер 100 тыһ солк. харчынан бирииһи тутуоҕа, сылга 52 тыһ солк. харчыга биисинэһигэр тус кэбиниэттэниэ, 21 тыһ солкуобайга куонкурус партнердарын кытта 3 хантараагы түһэрсиэ, ону тэҥэ “Якутия – твоя сила духа” бренд амбассадора буолуоҕа.
Куонкуруска кыттарга сайаапкалары “Обращайся” сыһыарыы МАРАФОН “PROдвижение” ханаалыгар балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри ылаллар, онно куонкурус туһунан толору иһитиннэрии баар.
Куонкуруһу “Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията” нацбырайыак иһинэн Туризмы уонна территориальнай маркетины сайыннарар ааҕыныстыба өйөбүллээх “Сахавизион” IT-хампаанньа ыытар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: