Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгэр 634 №-дээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ бүгүн, олунньу 25 күнүгэр, сылгы боруодатын тупсарыыга уонна племенной үлэҕэ «Бөртө» хаһаайыстыба сылгыһыттарыгар Дойду Бэрэсидьиэнин быыбарын иннинээҕи куоластааһыны ыыттылар.
Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Юлия Петрова, чилиэннэрэ Алена Максимова уонна Виктор Ефремов куоластааһыны тэрийиигэ кыһынын сылгыһыттар олорор «Сыһыы» арыыга таҕыстылар.
Юлия Николаевна кэпсииринэн, учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ уопуттаахтар. Алена Васильевна – акушерка, билигин оҕолонон уоппускаҕа сылдьар, Виктор Григорьевич — сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Оттон Юлия Петрова оҕо уһуйаанын иитээччитэ.
Сылгы баазатыгар үс сылгыһыттар бары куоластаатылар уонна быыбардыыр хамыыһыйаҕа махтаннылар диэн Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрэр.
Санаттахха, Саха сиригэр уустук суоллаах, ыраах сытар улуустарынан уонна нэһилиэктэринэн Дойду Бэрэсидьиэнин быыбарын иннинээҕи куоластааһын, бүгүҥҥэттэн, олунньу 25 күнүттэн, саҕаламмыта. Көһө сылдьар учаастактааҕы быыбар хамыыһыйаларын чилиэттэрэ куоластааһыҥҥа 12 тыһыынча кэриҥэ киһини хабар былааннаахтар.
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…
... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка, күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…
Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…
Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, суукка устата буруйу оҥоруу туһунан 12 иһитиннэрии бэлиэтэммит. Ол курдук, Нерюнгри куоракка…