Салгыы
Саха сиригэр РФ ЫБМ миниистири солбуйааччы Виктор Яцуценко үлэлиир

Саха сиригэр РФ ЫБМ миниистири солбуйааччы Виктор Яцуценко үлэлиир

Ааптар:
05.07.2024, 15:06
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев РФ ЫБМ миниистирин  солбуйааччы Виктор Яцуценконы кытары көрүстэ.

Ил Дархан миниистири солбуйааччыга эрэгийиэҥҥэ өйөбүллэрин иһин махтанна.

«Киэҥ сиринэн-уотунан тайаан сытар Саха сирэ айылҕа араас содулугар түбэһэр. Ону суһаллык туоратарга, суох оҥорорго биһиэхэ РФ МЧС куруук көмөлөһөр. Биһиги миниистир Александр Вячеславович Куренковка, эйиэхэ уонна биэдэмистибэ салалтатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ өйөбүлгүт, көмөҕүт иһин махтанабыт. Быйыл федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыыны-майгыны киллэрэр туһунан этиибитин министиэристибэ өйөөн ылылынна«, — диэн этэр Айсен Николаев.

Сааскы халаан туһунан кэпсэтиигэ, өрүттэр гидрологическай мониторинг ситимин уонна Нам улууһугар халаантан харыстыырга техническэй тутуулар систиэмэлэрин тупсарыы наадатын бэлиэтээтилэр.

Эрэгийиэҥҥэ ойуур баһаардарын балаһыанньатын эмиэ кэпсэттилэр. Эрэгийиэн сайаапкатынан бүгүҥҥү күҥҥэ уоту утары охсуһууга РФ МЧС авиацията — Бе-2 амфибия-салгын аала уонна уу кутардаах икки Ми-8  МТВ бөртөлүөт үлэлии сылдьаллар. Балаһыанньаны билэ-көрө турарга мониторинныырга Орлан-10 диэн пилота суох авиационнай систиэмэ комплекса эмиэ туттуллар.

Федеральнай биэдэмистибэ баһылыгын солбуйааччы, РФ үтүөлээх быыһааччыта Саха сиригэр хаста да айылҕа содулун туоратар үлэҕэ кыттыбыта, ол иһигэр 2001  сыллаахха Ленскэй оройуонугар халааҥҥа.

Гражданскай оборона уобалаһыгар, нэһилиэнньэни уонна сири-уоту ыксаллаах быһыыттан-майгыттан харыстааһыҥҥа өҥөлөрүн иһин, үөрүүлээх көрсүһүүгэ Ил Дархан  Айсен Николаев Виктор Яцуценкоҕа «Гражданскай килбиэн» бэлиэни туттарда.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: