Салгыы
Саха сиригэр Robinson бөртөлүөт сүттэ

Саха сиригэр Robinson бөртөлүөт сүттэ

19.07.2024, 15:29
Хаартыска Trevor Howard Jones / Shutterstock
Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи тырааныспар борокуратуурата Robinson сүппүтүн чахчытын бэрэбиэркэлээһин үлэтин тэрийдэ диэн Илиҥҥи-Сибиирдээҕи тырааныспар борокуратуурата иһитиннэрэр.

Тырааныспар борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, от ыйын 19 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 00.40 көрдүүр уонна быыһыыр авиационнай космическай киинин Robinson R44II бөртөлүөтү кытары сыһыаннаах быһылаан тахсыбытын иһитиннэрбит – салгын суудунатыгар саахал тахсыбытын биллэрэр радиомаяк үлэлээбит.
Бөртөлүөт буортугар пилот уонна үс пассажир баар эбит.
Билигин «Полярные авиалинии» авиахампаанньа көрдүүр-быыһыыр үлэлэри ыытарга бэлэмнэнэр.
Силиэстийэни Аан дойдутааҕы авиационнай кэмитиэт уонна Илиҥҥи-Сибиирдээҕи тырааныспарка силиэстийэлиир управление Саха сиринээҕи салаата ыытыахтара.
Саха сиринээҕи тырааныспар борокуратуурата көтүүлэр куттала суох буолууларын бэрэбиэркэлээһини ыытан саҕалаата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: