Як-40 зондировщик сөмөлүөт Дьокуускай куоракка ыам ыйын 15 күнүгэр, сэрэдэҕэ, Новосибирскай куораттан кэллэ. Киин аэрологическай обсерватория (Росгидромет) салгын суудуната номнуо үһүс сылын баһаар сезонугар искусственнай ардаҕы ыҥырыыга үлэлиэҕэ.
Саха сирин быыһыыр сулууспатын хантараагынан сөмөлүөт 70,5 чааһы көтүөхтээх, бу сыалга Саха сирин бүддьүөтүттэн 60 мөлүйүөн солк. үп-харчы көрүллүбүтэ. Технологическай көтүү үлэлэрин былаана бигэргэтиллибитэ. Сүрүн соруга — чугастааҕы кэмҥэ синоптиктар сылыктаабыт куйаас, сөҥүүтэ суох күннэргэ ойуур баһаардарын тахсыытын сэрэтии.
«Сайын синоптиктар кураан кэми сылыктыыллар. Сылаас, сөҥүүтэ суох күннэр сотору саҕаланыахтара. Ол эрээри, Росгидрометтан биһиги биир идэлээхтэрбит көмөлөрүнэн, быйыл ойуур баһаара быдан аҕыйах буолуо диэн эрэнэбин. Онуоха эбии тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар улахан көдьүүстээх буолуоҕа», — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников бэлиэтээтэ.
Сөмөлүөт искусственнай ардаҕы аҕалар анал оборудованиелаах. Ардаҕы былыт үрдүнэн (5 километр кэриҥэ үрдүккэ) йодтаах үрүҥ көмүһү ыһан түһэрэллэр. «Биһиги Саха сиригэр чопчу ыам ыйыгар, былырыыҥҥы курдук, үлэлии кэллибит. Саҥа кэнчээри от көҕөрүүтүттэн, вегетационнай кэмтэн, үлэбитин саҕалыахпыт», — диир Саха сиригэр үлэлиир Росгидромет былыт физикатын киинин начаалынньыга Баграт Данилян.
Ону сэргэ былырыын Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Саха сиригэр киин аэропуорт обсерватория исписэлиистэрэ кыттыылаах «Полярные авиалинии» авиахампаанньа Ан-26 салгын суудунатын баазатыгар тэриллибит бэйэбит зондировщик сөмөлүөппүт үлэлиэҕэ.
Санатан эттэххэ, искусственнай ардаҕы ыҥырыыга эспэримиэн аан бастаан 2022 сыллаахха ыытыллыбыта. Саха сиригэр бастакы сылларга Як-42 сөмөлүөт- лаборатория үлэлээбитэ. Бу ньыма көдьүүстээҕэ биллибитэ. 2023 сылтан маннык үлэлэр салгыы ыытыллаллар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…