Саха сиригэр С гепатиты утары охсуһуу нэдиэлэтэ саҕаланна

Саха сиригэр С гепатиты утары охсуһуу нэдиэлэтэ саҕаланна

11.03.2024, 16:00
Хаартыска: Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ
Бөлөххө киир:

Маннык нэдиэлэ бу ыарыы содулларын уонна  эрдэттэн сэрэтии, кэмигэр эмтээһин туһунан нэһилиэнньэ билиитин үрдэтэр туһугар ыытыллар.

Вирустаах С гепатит — быар цирроһугар уонна араагар, атын уорганнар  (тымыр, бүөр, ноор,  саахардаах диебет, онкогематология) сүһүрүүлэригэр  тириэрдиэн сөптөөх улахан ыарыы.

Вирус хаан нөҥүө бэриллэр. Хомойуох иһин, үгүс киһи ыарыыга сыстыбытын туһунан билиэ суоҕун сөп. Тоҕо диэтэххэ, ыарыы сибикитэ үксүгэр суох буолар эбэтэр олох да биллибэт. Билигин мэдиссиинэҕэ С гепатикка сыстыыны уонна тарҕатыыны утары ньымалар бааллар. Бастатан туран, быраастарга тиһигин быспакка көрдөрүнэ сылдьыахха, диспансеризацияны ааһыахха уонна вирустаах С гепатикка тиэһи толоруохха наада. С гепатиты эмтииргэ уонна салгыы тарҕанарын бопсууга  көмөлөһөр көдьүүстээх терапия баар. Ол иһин, ыарыы бастакы сибикитэ билиннэ да,  бырааска көрдөрүнүллэр уонна кини этиитинэн эмтэниллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: