Саха сиригэр саамай эдэр алимеҥҥа иэстээх 21 саастаах кыыс буолара билиннэ

Share

Саха сирин үрдүнэн алимеҥҥа иэстээх барыта 900-тэн тахса дьону көрдүүллэр.

Саха сиринээҕи суут бириистэптэрин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрбиттэринэн, саамай эдэр учуокка турар алимеҥҥа иэстээхтэртэн — 21 саастаах, оттон аҕам саастааҕа — 66 саастаах.

Саамай эдэр алимеҥҥа иэстэммит Бүлүү оройуонун 21 саастаах олохтооҕо буолара биллэр. Кыыс 4 саастаах уолугар улахан суумаҕа иэстэммит. Бу иннинэ суутунан ийэ оҕотугар хамнаһыттан 1/2 сууматын ыытарга уураахтаабыт эбит да, быһаарыы толоруллубатах.

Оттон алимеҥҥа иэстээх саамай аҕам саастааҕынан 66 саастаах Таджикистан олохтооҕо буолар. Икки уол аҕата оҕолоругар 2 мөлүйүөн солкуобай иэстэммит. Киниттэн тиһэх төгүлүн харчы былырыын олунньуга биир тыһыынча солкуобай эрэ киирбит. Ону ол суума кини счетуттан быһа тутуллубут эбит.

Урут бу иннинэ суут бириистэптэрэ нолуок, алимент уонна кирэдьиит төлөөбөккө Саха сирин олохтоохторуттан 30 тырааныспары былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Былдьаммыт массыыналары атыыга таһаарыахтара.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
3
+1
0
+1
1
+1
6
+1
3
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сааскы халааҥҥа 121 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барыан сөп

Сааскы халааҥҥа 121 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барыан сөп. Бу нэһилиэктэргэ уопсайа 24 тыһыынча киһи олорор.…

21 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

11 суол быһылаана тахсан, үс киһи эмсэҕэлээтэ

Ааспыт сууккаҕа Дьокуускай куоракка 11 суол быһылаана тахсан, үс киһи эмсэҕэлээтэ. Муус устар 7 күнүгэр…

28 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха киинэлэрэ 106 мөл.солкуобайы киллэрбиттэр

2025 сыл саҕаланыаҕыттан саха киинэлэрэ  уопсайа 106 мөл.солкуобайы киллэрдилэр.  Балартан саамай элбэх харчыны киллэрэн, бастакы…

43 минуты ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

«Услышать Победу» аахсыйа

Арассыыйа хас биирдии эрэгийиэнигэр   Кыайыы 80 сылынан  «Кыайыыны истиэххэ» аахсыйа ыытыллар. “Кыайыыны истиэххэ” аахсыйа көмөтүнэн…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: түөкүттэр, сүүйүүлээх оонньуу, суолга киһи өлүгэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу уон  түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйдиэ сылдьар ыты көрдөххүнэ эрий!

Саас буолан бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана куорат кытыы уулуссаларыгар эмиэ элбээбит. Хаһаайына суох сылдьар ыты…

1 час ago