Саха сиригэр саас кулун тутар 17 күнүттэн саҕаланар
Бүгүн сарсыарда бассаабы арыйа баттаабытым “Саас кэлбитинэн”, “Сааскы бастакы күнүнэн” диэн ис хоһоонноох эҕэрдэ, сурук, хартыына арааһа тарҕаммыт. Ол быыһыгар биир бөлөххө, бука, саастаах киһи быһыылаах: “Саха сиригэр саас хайдах даҕаны кулун тутар 1 күнүттэн саҕаламмат”, — диэн суруйбут.
Сөптөөх суруйуу, ама, кулун тутар 1 күнүттэн саас саҕаланнаҕай. Уһун кыһын кэнниттэн күн чаҕылыччы тыгара баар, ол аата саас саҕаламмыт диэн буолбатах эбээт. Саха сирин, дойду сылаас эрэгийиэннэрин кытта тэҥниир хайдах даҕаны табыллыбат. Онно күн-дьыл ыйынан эрдэлиир.
Былыргы сахалар сыл кэмин маннык араараллара биллэр:
Кыһын – 146 күн (22.10-17.03),
Саас – 78 күн (17.03-3.06),
Сайын – 75 күн (3.06-17.08),
Күһүн – 67 күн (17.08-22.10).
Итинтэн көстөрүнэн, төгүрүк сыл 366 күннээх. Саас кулун тутар 17 күнүттэн, сайын бэс ыйын 3 күнүттэн саҕаланар.
Сахаларга оннооҕор “кубулҕаттаах кулун тутар” диэн этии баар. Кулун тутарга күн-дьыл күнүнэн, чааһынан уларыйарын иһин этэн эрдэхтэрэ. Онно албыннатан сыыстарар да дьон элбэх. Эбиитин ыччакка кулун тутар 1 күнүттэн саас кэллэ диэн өйдөбүлү иҥэрдэхпитинэ, букатын даҕаны иэдэйэллэр, таҥастарын тута чарааһаппытынан барыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: