Саха сиригэр саҥа эрэгийиэннэр Арассыыйаны кытары холбоһууларын күнэ бэлиэтэннэ

Share

Саха сирэ Арассыыйаны кытары тэҥҥэ Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр, Запорожье уонна Херсон уобаластарын холбоһууларын күнүн бэлиэтээтилэр.

Бу өйдөбүнньүк күҥҥэ анаммыт тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэҕэ бүттүүнүгэр ыытыллаллар. Оскуолаларга кылаас чаастара ыытыллаллар, мусуойдарга быыстапкалар уонна экскурсиялар тэриллэллэр.

«Биһиги кэрэ-бэлиэ күнү – саҥа түөрт субъект Арассыыйаны, урукку дойдуларын кытары холбоһууларын бэлиэтиибит. Бу эрэгийиэннэр олохтоохторо фашизмы тулуйар кыахтара суоҕа, төрөөбүт тылларыттан, култуураларыттан, үгэстэриттэн аккаастаныахтарын баҕарбатахтара. Биһиги иэспит – кинилэри өйөөһүн. Билигин биһиги биир дойдулаахтарбыт байыаннай дьайыыга биһиги инникибит туһугар туруулаһаллар. Норуоппут, мэлдьи буоларын курдук, кыайарыгар эрэллээхпин”, — диэн СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриоттуу иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар бастайааннай кэмитиэтин  бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов иһитиннэрдэ.

Бырааһынньык биир улахан тэрээһининэн Орджоникидзе болуоссатыгар ыытыллыбыт “Биһиги бииргэ” миитин-кэнсиэр буолла.

«Сүүһүнэн тыһыынча саллаат бу сир-уот тутулуга суох буолуутун туһугар охсуһар. Биһиги буойуннарбытын өйүүбүт. “Биһиги бииргэ” диэн этиибит норуоппут сомоҕолоһуутун көрдөрөр. Уопсай күүспүтүнэн эрэ кыайыыга кэлэр кыахтаахпыт. Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа”, — диэн  Арассыыйа Дьоруойа, ыччат уонна социальнай коммуникациялар дьыалаларыгар миниистир э.т. Игорь Юргин эттэ.

Саҥа Арассыыйа эрэгийиэннэрин олохтоохторун өйөөн, өрөспүүбүлүкэ ыччата “Арассыыйа Федерациятын 89 эрэгийиэнэ” флешмоб оҥордо. Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан ыччаттар кытыннылар.

Ону таһынан Дьокуускайга Арассыыйа холбоһуктаах каарта-хартыынатын уруһуйдаатылар.

Санатан эттэххэ, 2022 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр референдумнар түмүктэринэн РФ-га саҥа эрэгийиэннэр киирэллэрин туһунан норуоттар икки ардыларынааҕы дуогабарга илии баттаммыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

10 часов ago