Саха сиригэр саҥа судаарыстыбаннай наҕараадалар олохтонуохтара
Ил Түмэҥҥэ бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадаларын туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ сокуон барылын киллэрдэ.
Докумуонунан өрөспүүбүлүкэ биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Мария Дмитриевна Нартахова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев үтүө ааттарын үйэтитэр сыалтан уонна үлэ кэлэктииптэригэр үлэҕэ уһуйар, үлэни-хамнаһы киэҥник билинэргэ саҥа судаарыстыбаннай наҕараадаланар олохтонуохтара.
Сокуон барылын ылыныы нэһилиэнньэ үтүөлэрин билинии уонна үлэҕэ, айарга-тутарга, олоххо-дьаһахха көхтөөх буоларга көҕүлүүр эбии дьаһалынан буолар диэн сокуон барылын сыһыары быһаарыы суругар этиллэр.
Бастакытынан, «Мария Дмитриевна Нартахова аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ» социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга, нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы, социальнай страховкалааһын, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин уонна өйөбүлүн эйгэтигэр дьоһун кылааты киллэрбит гражданнарга бэриллиэҕэ.
Иккиһинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев аатын кэриэстээн «Өрөспүүбүлүкэ албан аатыгар уонна туһатыгар» диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах бэлиэтэ Саха сирин сайдыытын, үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин, киһи уонна гражданин быраабын уонна көҥүлүн көмүскээһини, Арассыыйаҕа уонна тас дойдуларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүө аатын үрдэтэри кытта сибээстээх өрөспүүбүлүкэ иннигэр ураты үтүөлэрин, Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһугар сулууспаларын иэһин эбэтэр гражданскай иэстэрин толорууга хорсун уонна дьоруойдуу быһыыларын иһин гражданнар наҕараадаланыахтара. Маны сэргэ Бочуоттаах бэлиэнэн өрөспүүбүлүкэ уонна норуотун иннигэр атын да үтүөлэрин иһин хас биирдии киһи наҕараадаланыахтарын сөп.
Үсүһүнэн, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах уһуйааччыта» бочуоттаах бэлиэ эдэр үлэһиттэргэ баай уопуттарын уонна киэҥ билиилэрин иҥэрбит уонна идэтийбит хас да көлүөнэни иитэн таһаарбыт үлэһиккэ бэриллиэҕэ.
Регламент ирдэбилинэн сокуон барыла парламент туһааннаах сис кэмитиэтигэр дьүүллэһиллиэ, ол кэннэ уочараттаах пленарнай мунньахха көрүллүө.
Санатан эттэххэ, кэлэр парламент алтыс уочараттаах пленарнай мунньаҕа муус устар 23-24 күннэригэр ыытыллара былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: