Саха сиригэр саҥа судаарыстыбаннай наҕараадалар олохтонуохтара

Share

Ил Түмэҥҥэ бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадаларын туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ сокуон барылын киллэрдэ.

Докумуонунан өрөспүүбүлүкэ биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Мария Дмитриевна Нартахова,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев үтүө ааттарын үйэтитэр сыалтан уонна үлэ кэлэктииптэригэр үлэҕэ уһуйар, үлэни-хамнаһы киэҥник билинэргэ саҥа судаарыстыбаннай наҕараадаланар олохтонуохтара.

Сокуон барылын ылыныы нэһилиэнньэ үтүөлэрин билинии уонна үлэҕэ, айарга-тутарга, олоххо-дьаһахха көхтөөх буоларга көҕүлүүр эбии дьаһалынан буолар диэн сокуон барылын сыһыары быһаарыы суругар этиллэр.

Бастакытынан, «Мария Дмитриевна Нартахова аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ» социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга,  нэһилиэнньэни социальнай хааччыйыы, социальнай страховкалааһын, нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин уонна өйөбүлүн эйгэтигэр дьоһун кылааты киллэрбит гражданнарга бэриллиэҕэ.

Иккиһинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев аатын кэриэстээн «Өрөспүүбүлүкэ албан аатыгар уонна туһатыгар» диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах бэлиэтэ Саха сирин сайдыытын, үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин, киһи уонна гражданин быраабын уонна көҥүлүн көмүскээһини, Арассыыйаҕа уонна тас дойдуларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүө аатын үрдэтэри кытта сибээстээх өрөспүүбүлүкэ иннигэр ураты үтүөлэрин, Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһугар сулууспаларын иэһин эбэтэр гражданскай иэстэрин толорууга  хорсун уонна дьоруойдуу быһыыларын иһин гражданнар наҕараадаланыахтара. Маны сэргэ Бочуоттаах бэлиэнэн өрөспүүбүлүкэ уонна норуотун иннигэр атын да үтүөлэрин иһин хас биирдии киһи наҕараадаланыахтарын сөп.

Үсүһүнэн, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах уһуйааччыта» бочуоттаах бэлиэ эдэр үлэһиттэргэ баай уопуттарын уонна киэҥ билиилэрин иҥэрбит уонна идэтийбит хас да көлүөнэни иитэн таһаарбыт үлэһиккэ бэриллиэҕэ.

Регламент ирдэбилинэн сокуон барыла парламент туһааннаах сис кэмитиэтигэр дьүүллэһиллиэ, ол кэннэ уочараттаах пленарнай мунньахха көрүллүө.

Санатан эттэххэ, кэлэр парламент  алтыс уочараттаах пленарнай мунньаҕа муус устар 23-24 күннэригэр ыытыллара былааннанар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

50 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

5 часов ago