Салгыы
Чурапчы улууһугар сэдэх палеонтологическай булумньулар көстүбүттэр

Чурапчы улууһугар сэдэх палеонтологическай булумньулар көстүбүттэр

Ааптар:
18.08.2023, 14:30
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһун Хонду өрүһүн уһаты сытар сиригэр СӨ Билим Академията плейстоцен кэмиттэн былыргы булумньулары булбут. Кинилэр истэригэр носорог, бөрө, бизон, антилопа, бэдэр, сэлии, дьиикэй таба уҥуохтара бааллар. Бу туһунан Бастакы бэрэсидьиэн пуондата иһитиннэрэр.

Москватааҕы А.А. Борисяк аатынан палеонтологическай институт научнай үлэһитэ Александр Лавров сорох кыыллар уҥуохтара плейстоцен кэмиттэн былыргы эбиттэрин бэлиэтиир. Манна булуллубут таас уонна холуодьастан ууну баһар уһун муостан тэриллэр бу диэки киһи олоро сылдьыбытын дакаастыыллар диэн учуонайдар сабаҕалыыллар. Новосибирскайдааҕы археология институтун үлэһитэ Александр Кандыбы булар – көрдүүр үлэ кэҥиирэ былааннанарын эттэ. Чуолаан былыргы киһи олорбут сирин буларга сыал туруоруммуттар.

Сиһилии манна ааҕыҥ.

Эльдар Садовников.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: