Салгыы
Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри – пенята суох төлүүр “Прощеные дни” аахсыйа

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри – пенята суох төлүүр “Прощеные дни” аахсыйа

30.10.2024, 11:24
Андрей Сорокин, СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бу дьыл  сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун пенята суох төлөөһүҥҥэ аахсыйа ыытыллар.

Аахсыйаҕа Саха сирин сиригэр-уотугар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ дьон олорор уонна олорбот (нежилой) дьиэлэрин бас билээччилэр кытталлар. Сүрүн усулуобуйатынан хапөрөмүөн усунуоһугар иэскин  уонна бу ыйдааҕы төлөбүргүн толору төлөөбүт буолуохтааххын.

Аахсыйа СӨ Суут бириистэптэрин ирдэбилэ ыытыллар суут нөҥүө ирдэбил түһэриллибит уонна  хапытаалынай өрөмүөҥҥэ усунуостары төлөөһүҥҥэ иэһи реструктуризациялыыр туһунан сөбүлэһии түһэрсиллибит дьоно эмиэ кытталлар, суут бирикээһин биэрэр туһунан госпошлина төлөбүрүгэр Пуонда сүкпүт ороскуотун төлөөтөҕүнэ.

Хамыыһыйата суох төлүүр ньымалар:

—Пуонда саайтыгар (www.fondkr.ru) “ОНЛАЙН оплата” салааҕа киирэн;
—Пуонда офиһыгар тиийэн: Дьокуускай к., Чепалов уул,  32, бастакы этээс;
— Ханнык баҕарар Буоста  нөҥүө;
—“Электронное ЖКХ РС (Я)” порталга  “Объединенный платежный документ” систиэмэнэн  — e-yakutia.ru
—” Сбербанк – Онлайн” сыһыарыынан;

— “ВТБ-Онлайн” сыһыарыынан;
— “Квартплата+”;

“Прощеные дни” аахсыйа туһунан маннык төлөпүөнүнэн ыйытыҥ:  8 (4112) 319-014

Пуонда пресс-сулууспата

Хаартыска: тустаах пресс-сулууспа

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: