Салгыы
Саха сиригэр «Сила России» кыһыҥҥы марафон саҕаланна

Саха сиригэр «Сила России» кыһыҥҥы марафон саҕаланна

14.02.2024, 17:30
Хаартыска "Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйа пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээҥҥиттэн дойду үрдүнэн «Сила России» кыһыҥҥы марафон саҕаланна диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Успуорт марафону тэрийэр кэмитиэт сенатора, Олимпийскай оонньуулар үс төгүллээх кыайыылаахтара уонна греко-римскэй тустууга аан дойду хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Александр Карелин салайан ыытар.

Саха сиригэр бастакы тэрээһиннэр Дьокуускайга «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһыгар уонна Алдан куоратын муус аренатыгар ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар буолбут күрэхтэһиигэ Ил Түмэн вице-спикерэ, Саха сирин хоккейын федерациятын бэрэсидиьэнэ Афанасий Владимиров кыттыыны ылла.

«Марафон чэрчитинэн успуорт уонна бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрбитин кытта 20-тэн тахса күрэхтэһиини былааннаабыппыт, бу  — «Неделя спорта на коньках», «Зимняя спортивная рыбалка», «Лыжные выходные» уонна да атын тэрээһиннэри. Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн сылыгар дьахтар доруобуйатыгар болҕомтону ууруохпутун баҕарабыт, онон кулун тутарга «Неделю женского здоровья» тэрийэбит, дьахталлар маассабай сэрээккэлэргэ, чэбдигирдэр йогаҕа, Успуорт дыбарыаһыгар ыытыллар араас маастар-кылаастарга босхо кыттыахтарын сөп. Быйыл Саха сиригэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ, сыл биир сүрүн соругунан доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору өйөөһүн буолуо, онон Успуорт министиэристибэтэ марафон чэрчитинэн оҕолорго успуорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр, чуолаан хаҥкынан хатааһылааһыҥҥа үөрэтиини тэрийиэ», — диэтэ эрэгийиэннээҕи тэрийэр кэмитиэтин салайааччыта, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйүүр Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Колодезников.

Бүтүн Арассыыйатааҕы « Сила России» кыһыҥҥы марафоҥҥа ким баҕалаах бары кыттар кыахтаах, онуоха маннык сигэнэн киирэн регистрацияланаҕыт: https://clck.ru/34eYXh

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: