ИНФОГРАФИКА: Саха сиригэр сир аһын хомуйуу болдьоҕо

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ 2024 сылга Саха сирин сиригэр-уотугар отоннору уонна үүнээйи аһын  хомуйуу  болдьоҕун олохтоото.

От ыйын 10 күнүттэн Амма уонна Уус Алдан оройуоннарыгар дьэдьэнниэххэ сөп. От ыйын 15 күнүттэн Таатта, Чурапчы, Уус Алдан оройуоннарыгар дьэдьэни уонна хаптаҕаһы хомуйуу көҥүллэнэр. Сугуну от ыйын 20 күнүттэн хомуйуу саҕаланар.

Моонньоҕон уонна уулаах отон атырдьах ыйын ортотугар ситиэхтэрэ. Ол курдук, киин оройуоннарга уонна Бүлүү умнаһын улуустарыгар уулаах отону атырдьах ыйын 25 күнүттэн, хоту оройуоннарга атырдьах ыйын бүтүүтэ хомуйарга сөп буолар.

Уохтаны хоту оройуоннарга атырдьах ыйын бастакы декадатыттан  саҕалаан хомуйуохтара.

Малина Бүлүү оройуоннарыгар үүнэр, ону от ыйын 16-22 күннэригэр хомуйуу  көҥүллэнэр.

Черниканы быйыл Мииринэй оройуонугар атырдьах ыйын саҕаланыыта, оттон Ленскэй, Нерюнгри оройуоннарыгар атырдьах ыйын ортотуттан хомуйан саҕалыахха сөп.

Кедр эриэхэтэ атырдьах ыйын 25 күнүттэн, оттон сорох оройуоннарга балаҕан ыйын 1 күнүттэн ситэр.

Тэллэйи хаһан баҕарар хомуйуохха син.

Олохтоммут болдьоххо сир аһын хомуйуу бэйэҕит амсайаргытыгар эрэ көҥүллэнэр. Айылҕа быйаҥын атыыга анаан хомуйууга сокуон быһыытынан ойуур учаастагын арыандалааһын дуогабарын түһэрсии ирдэнэр.

Дьон ойуурга үүнэр отоннору хомуйа туох да хааччахтааһына суох сылдьар кыахтаахтар, ол иһигэр ойуур пуондатыгар ким эрэ арыандалаабыт учаастагар.

Куйаас, кураан күннэр туралларынан  уонна сир аһын хомуйуу саҕаланара чугаһаабытынан ойуурга кутаа уотун туһаныы көҥүллэммэт. Бэйэҕитин кытта бэлэм астаах уонна тиэрмэскэ итии аһылыктаах сылдьыҥ. Ойуурга сылдьыы быраабылатын тутуһуу күөх ойуурбутун баһаартан көмүскүөҕэ.

What’s your Reaction?
+1
13
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары тутардылар

Арассыыйаҕа бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө, сэтинньи 22 күнүгэр Саха сиригэр элбэх оҕолоох ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары…

12 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Суоһалдьыйа Толбонноох» айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ»

Дьокуускай куоракка Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар «Суоһалдьыйа Толбонноох" айымньытын  суруллубут историятын сэгэттэххэ» диэн ураты кинигэ…

22 минуты ago
  • Бэрээдэк

Сауна үлэһититтэн төлөпүөн уорбут дьахтар биэс сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускай полициятыгар эр киһи 12 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн уордарбытын туһунан иһитиннэрбит диэн СӨ ИДьМ пресс-сулууспата…

51 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: «Бэрэсидьиэн этиитин өйүүбүн»

Аан дойдуга буола турар быһыы-майгы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар санаатын үллэһиннэ: -- Арҕааҥҥы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн Психолог күнэ бэлиэтэнэр

Сэтинньи 22 күнүгэр Арассыыйаҕа Психолог күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1994 сыллаахха Арассыыйатааҕы психологическай уопсастыба бастакы…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Георгий Степанов: «Дьиэҕэ төннүү» диэн улахан бырайыак саҕаланна»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

2 часа ago