Саха сиригэр «Сколково» пуонда стартап-тура саҕаланыа
Дьокуускай куоракка муус устар 12 күнүгэр бэһис төгүлүн Стартап-тур кэскиллээх инновационнай оҥорууларын көрдүүр федеральнай бырайыак ыытыллыа.
Быйыл стартап-тур темата – «CreativeTECH. Креативные индустрии – импульс для технологического развития». Бастатан туран, креативнай оҥорон таһаарыыга технологияларыгар болҕомто ууруллуо: виртуальнай оонньуулары, бырагыраамалары оҥорууга, ускуустубаҕа, рекламаҕа, архитектураҕа, кинематографияҕа, анимацияҕа, дизайҥҥа, о.д.а.
Технологическай бырайыактар конкурстара, ментория сессиялара, креативнай индустрияҕа, интеллектуальнай бас билиини харыстааһыҥҥа тректэр, инвестордары кытта көрсүһүү ыытыллыахтара.
Саамай сүрүн тэрээһининэн технологическай бырайыактар куонкурстара буолуо. Тэрээһин сүрүн соруга – инновационнай хамаандаларга стартаптарын сайынаралларыгар уонна инники өттүгэр батарарга көмөлөһүү, ону таһынан инникитин ити бырайыактары олоххо киллэрэргэ кыаҕы биэрии.
Быйыл тэрийээччилэр үгэс буолбут хайысхаларга CreativeTech треги эптилэр.
Технологическай бырайыактар хайысхалара манныктар:
— информационнай технологиялар (кибер кутал суох буолуута, финтех, legaltech, мобильнай технологиялар уонна платформалар, AR/VR, Edtech, HRtech, интеллектуальнай робототехника, ритейл уо.д.а.);
— мэдиссиинэҕэ уонна тыа хаһаайыстыбатыгар биотехнология (парафармацевтика, эми-тому оҥоруу, омикснай технологиялар уонна биоинформатика, о.д.а.);
— энергетическэй уонна индустриальнай технологиялар (саҥа матырыйааллар, геоинформационнай систиэмэ уонна телекоммуникация, тырааныспар уонна космос систиэмэлэрэ, о.д.а.);
— creativetech (цифровой инструментарий (GameDev, виртуальнай эйгэ, метавселеннай, генеративнай графика, цифровой аватардар, foodtech, lifetech уо.д.а.).
Куонкурска кыттарга сайаапкалары 2023 с. кулун тутар 30 күнүгэр диэри официальнай сайтка, маннык сигэнэн ыытыахха сөп: https://startup-tour.ru/registration.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: