Саха сиригэр социальнай хантараагы туһанааччылар ахсаана элбиир

Share

Саха сиригэр уопсайа 430 мөлүйүөнтэн солк. тахса суумаҕа 3 тыһ. кэриҥэ социальнай хантараак түһэрсилиннэ.

Саамай наадалаах хайысханан урбаан дьыалатын сайыннарыы буолар. Бу туһунан Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Социальнай хантараак субсидията дьиэ кэргэнинэн уонна биирдиилээн дьонунан Саха сиригэр олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаахтарга бэриллэр, онуоха бастакы уочарат элбэх оҕолоох ыалларга, ону тэҥэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр ананар. «Урбаан дьыалата» уонна «Кэтэх хаһаайыстыбаны тэринии» хайысхаларынан судаарыстыбаннай социальнай көмө кээмэйэ 2024 сылга сайабылыанньа биэрээччи биисинэс-былааныттан көрөн, 500 тыһыынча солкуобайга тиийэ улаатыан сөп.

Билигин биир сүрүн хайысханан урбаан дьыалатын сайыннарыы буолар. 2024 сылтан бу хайысхаларынан социальнай хантараак түһэрсэр биир сүрүн ирдэбилинэн урбаан кыахтарын таһымын быһаарыыга булгуччулаах тестирование ыытыллар. Тургутууну ааспатах дьоҥҥо «Мин бисинэһим» кииҥҥэ сирэй көрсөн уонна ыраахтан олорон онлайн ньыманан үөрэтии көрүллэр. Түмүгэр курсаан сибидиэтэлистибэ ылар уонна хаттаан тест ирдэммэт. Саха сиригэр  социальнай хантараак бырагырааматын инбэлииттэри уонна үлэлээбэт гражданнары өйөөһүҥҥэ анал бырагыраамалар үлэлииллэр. Бу бырагыраамалар инбэлииттэргэ уонна биэнсийэлээхтэргэ ананаллар.  Бу хайысхалар дьарыктаах буолууну хааччыйыыга уонна үлэ дохуотун таһымын үрдэтигэ туһуланар.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сүрүн

Ил Дархан истипиэндьийэтин 81 киһи ылла

2022 сылтан төрүт култуураны тарҕатааччыларга  Ил Дархан истипиэндьийэтэ бэриллэр буолбута. Бу кэмтэн  уопсайа 81 киһи…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үөһээ Бүлүүгэ Педагогическай дьаарбаҥка 1,2 тыһыынчаттан тахса кыттааччыны түмтэ

Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллар «Тыа сирин оскуолата уонна Үөрэх маарката-2025» XXI өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥкаҕа Саха…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Саха сиригэр от ыйын 1 күнүттэн көтөрү бултуурга көҥүллэри биэрии саҕаланна

Саха сиригэр от ыйын 1 күнүттэн 2025-2026 сс. бултааһын сезонугар саамай тарҕаммыт бултка - көтөрү…

33 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Надежда” түмсүү байыаннай таҥаһы тигэр күрэхтэһиигэ бэлэмнэнэр

Байыаннай дьайыыга сылдьар хоһуун санаалаах хорсун ыччаттарга Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгэр "Надежда" иис түмсүүтэ тиһигин…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сахаайалаах Виталий Сыбаайба бэстибээлигэр кыттыахтара

От ыйын 8 күнүгэр -- Дьиэ кэргэн күнүгэр Саха сириттэн Архангельскай, Магадаан уобаластарыттан эдэр пааралар…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Госдуумаҕа тыа сирин миэдиктэригэр биэнсийэ төлөбүрүн үрдэтиэхтэрин баҕараллар

Арассыыйа үрдүнэн мэдиссиинэ эйгэтигэр каадыр тиийбэтин кыһалҕата күүскэ бэлиэтэнэр. Бу боппуруоһу быһаарар биир ньыманан биэнсийэҕэ…

1 час ago