Саха сиригэр социальнай реабилитация көрүҥэ кэҥиир

Share

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ 2022 сыл от ыйыттан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр кэлим тустаах өйөбүл оҥоһуллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ рөабилитацияны 529 байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ аастылар. Бу туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин бастакы солбуйааччы Альбина Трубина иһитиннэрдэ.

Социальнай реабилитация тустаах министиэристибэ иһинэн үлэлиир Дьокуускай Нерюнгри куораттарга, Өлүөхүмэ уонна Ньурба оройуоннарыгар, ону  тэҥэ Амма, Орто Халыма, Өлөөн улуустарын социальнай өйөбүл кииннэригэр ыытыллар.

Өйөбүл чэрчитинэн үлэлээх буолууга туһуламмыт үлэ чэрчитинэн 324 байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ хабылыннылар. Бэйэлэрэ туспа дьыала тэриниэн баҕалаах 225 киһи араас хайысхаҕа социальнай хантараагынан туһаннылар.  Ил Дархан социальнай хантараак көмө кээмэйин 500 тыһыынча солкуобайга тиийэ улаатыннарбыта. Альбина Трубина иһитиннэрбитинэн, реабилитация бырагырааматын чэрчитинэн, көмө уонна өйөбүл көрүҥэ кэҥээн, эбиллэн иһэр. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы реабилитациялыыр кииҥҥэ  иппотерапия (атынан айан) өҥөтө оҥоһуллар. Маны тэҥэ, култуура уонна спорт тэрилтэлэрэ спордунан дьарыктаныыны уонна култуурунай тэрээһиннэргэ сылдьыыны тэрийэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

20 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

3 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

3 часа ago