Быйыл хомсомуол 106 сааһын бэлиэтээтибит. Бу күн, кэнники сылларга үүнэр көлүөнэ ыччаты төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии, уһуйуу болҕомто киинигэр ылыллан, ордук суолталаах буолла.
Хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр уһуйаан кырачааныттан саҕалаан, үрдүк үөрэх устудьуонугар тиийэ патриотическай иитии былааннанан, сыаллаах-соруктаах үлэ ыытыллар. Бу манна күүс-көмө буолар ахтыы чааһа Ньурба улууһун Күндээдэ оскуолатын үрдүкү кылааһын оҕолоругар анаан, «Хомсомуол Албан аата» түмэлгэ буолан ааста.
Түмэл салайааччыта Маргарита Кураева уонна оскуола оҕолорун «Көтүү» түмсүүлэрин салайар эдэр учуутал Наталья Осипова бэлэмнээн, «Комсомолга киирии» туруоруулара көрдөрүлүннэ, оччотооҕу хомсомуоллар сэргэх кэпсээннэрэ истилиннэ, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу ньиргиэрдээх ырыата ылланна.
«Хомсомуол Албан аата» диэн түмэл баар эбит дуу диэн интэриэһиргии санаабыт буолуохтааххыт. Кырдьык, үгүс киһи бу түмэли билбэт, ол эрэн сыныйан көрдөххө, бэрт баай матырыйаалы муспут, түмэл диэн ааттаныан ааттаммыт эбит.
Түмэли «Учууталлар учууталлара», Күндээдэ нэһилиэгин уонна Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Николай Романович Татаринов 1969 сыллаахха кылаас иһинээҕи муннуктан саҕалаан, тэрийбит. Ол тэнийэн, күн бүгүн сэттэ тус-туһунан көрдөрөр саалалаах, сыһыары саха балаҕаннаах туспа дьиэ. Түмэл 1976 сыллаахха «Оскуола музейа» буоларын туоһулуур Мэктиэ суругу туппут.
«Оскуола үөрэнээччилэрэ муспут, хомуйбут матырыйаалларынан Хабаровскай, Благовещенскай, Новосибирскай куораттарга тиийэ дакылаат аахпыттара. Советскай Союз Геройа, генерал-майор Г.М.Иванов, Хабаровскай кыраай комсомольскай кэмитиэтин сэкиритээрэ, ЫБСЛКС Киин Кэмитиэтин чилиэнэ Севяева көрө, ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбыттара» диэн Н.Р. Татаринов ахтыы кинигэтигэр суруйан хаалларбыт.
Кырдьык, түмэлгэ олус сэдэх матырыйааллар бааллар. Ол курдук, мин бэйэм оҕо, эдэр сааһым киэн туттуута, олоҕум холобура (кумира) буолбут герой-комсомолец Зоя Космодемьянская туһунан оҕолор «Кыһыл суолдьуттар» түмсүүлэрэ хомуйбут матырыйаалларын олус сэргии көрдүм. Кинилэр Советскай Союз Геройа буолбут Александр уонна Зоя Космодемьянскайдар ийэлэрин кытта суруйсубуттар, Ийэ дойдутугар бэриниилээх, булгуруйбат бигэ санаалаах, тулуурдаах, хорсун майгылаах Зоя туһунан элбэх хаһыат матырыйаалларын хомуйбуттар.
Манна саха норуодунай суруйааччыта Николай Габышев 1943 сыллаахха тахсыбыт «Правда» хаһыакка бэчээттэммит матырыйааллары бэлэхтээбит. Хаһыат саһарбыт сирэйигэр эдэркээн кыысчааны фашист халабырдьыттара тылларыгар киллэрэр кыахтарыттан ааһан, күн сириттэн күрэтэр түгэннэрин хаартыскаҕа хаалларбыттара баар. Итинэн кинилэр сэбиэскэй норуоту самнарар, куттуур санаалаахтара буолуо да, төттөрүтүн, төһөлөөх элбэх киһиэхэ өс-саас, Ийэ дойдуга дьиҥнээх таптал, хорсун-хоодуот быһыыга сүгүрүйүү санаатын сахпыттара буолуой…
Оттон кɵрсүһүүгэ бэтэрээн учуутал М.С. Никифорова оччотооҕуга салайар кылааһын оҕолоро бастакы космонавт Юрий Алексеевич Гагарин ийэтин кытта суруйсубуттарын кэпсээбитин оҕолор сэргии истибиттэрэ. Ити курдук, төһөнөн сыныйан көрөҕүн да, бииртэн биир киһи болҕомтотун тардар дириҥ ис хоһоонноох экспонаттардаах.
Онон, күндү ааҕааччы, айан аартыгар олохсуйбут Күндээдэнэн ааһар түгэҥҥэр быыс булан, хайаан да Сахабыт сиригэр суос-соҕотох Н.Р. Татаринов аатынан «Хомсомуол Албан аата» түмэлгэ охсуллан, көрөн-истэн аас диэн ыҥырабын.
Венера Степанова.
ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтоох дьахтарыттан сайабылыанньа киирбит. Дьахтар биир саайтка…
Дьокуускай куоракка 1976 сыллаахха 12 №-дээх “Улыбка” оҕо уһуйаана “Строительнай” уокурук кырачаан иитиллээччилэригэр аанын тэлэччи…
Дьааҥы улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох ыал массыыналарын күрэппиттэрин туһунан тыллаабыттар. Силиэстийэ быһаарыытынан, эмсэҕэлээччи эр…
Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, «Оһуохай» түмсүү өрөмүөн үлэтин кэннэ саҥардыллыбыт Арчы Дьиэтигэр түһүлгэтин саҕалаата. Арчы…
Минтай балык быарын кэнсиэрбэтигэр «Пятерочка» уонна «Дикси» атыы-эргиэн маҕаһыыннарыгар чиэрбэлэри булбуттар. Уопсастыбаннай потребительскай көҕүлээһин салайааччыта…
Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэригэр кэлиҥҥи сылларга бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматын чэрчитинэн үгүс тутуу барда,…