Хаартыска: sakha.gov.ru
Ахсынньы 28 күнүгэр Дьокуускайга Саха сирин баһаарынай сулууспата төрүттэммитэ 207 сылыгар уонна Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа 15 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.
Бырааһынньык чэрчитинэн баһаарынайдар хорсун быһыылара бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар. Өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Дмитрий Садовников Саха сирэ дойду үрдүнэн баһаартан куттал суох буолуутун туһунан сокуону бастакынан олоххо киллэрбитин бэлиэтээтэ. «Саха сирин баһаарынай сулууспата икки сүүс сыллаах былаһын тухары гражданнар куттала суох буолууларын бигэтик көмүскүүр.
Бүгүн Саха сирин баһаарынай сулууспата ханнык баҕарар баһаартан сэрэхтээх буоларга көмүскүүр күүстээх салаа буоларын көрдөрөр. Хорсун Дьоруойдар үлэлэрин дьону-сэргэни быыһыырга аныыллар. Баһаарынайдар ханнык баҕарар кэмҥэ күнүстэри-түүннэри көмөлөһөргө мэлдьи бэлэмнээхтэрин көрдөрөллөр. Бу улахан суолталаах күҥҥэ дьолу-соргуну, эйэни, доруобуйаны баҕарабын», — диэтэ Дмитрий Садовников.
Тэрээһиҥҥэ Саха сирин Бырабыыталыстыбатын, ЫБММ, биэдэмистибэлэр, Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын уонна куорат Дууматын наҕараадаларын туттардылар.
Олунньу 14-15 күннэригэр Дьокуускай куорат “Модун” спорт уораҕайыгар Гаврил Десяткин - Күүстээх Дэһээккин кэриэһигэр мас…
Байыаннай дьайыыга сырдык олоҕун толук уурбут, Күндэйэ хорсун буойуна Андриан Николаевка аналлаах быыстапкаҕа дьон-сэргэ тоҕуоруһа…
Дьокуускай куорат дьаһалтатын планеркатыгар иһитиннэрбитинэн, олунньу 16 күнүнээҕи туругунан, ОРВИнан уонна гириибинэн сибээстээн Физико-тиэхиньиичэскэй лиссиэй…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр буруйу оҥоруу икки түбэлтэтэ тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай…
Саха сиригэр араас эрэгийиэннэртэн, ону ааһан тас дойдулартан туристар бөлөҕүнэн, биирдиилээн кэлэ тураллар. Швейцарияттан кэлбит…
Бу нэдиэлэ Күрүлгэн бэлиэтиттэн Балыктар бэлиэтигэр көһөр. Ол аата харчыга сыһыаннаах боппуруостарга бастаан "саҥа сүүрээннэр",…