Дьокуускай куоракка Судаарыстыбаннай Дуума экологияҕа, айылҕа баайыгар уонна тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Владимир Бурматов кэллэ. Саха сирин Бырабыыталыстыбатыгар бүгүн, алтынньы 17 күнүгэр, бэйдиэ сылдьар ыттары көрүүгэ-истиигэ кини кыттыылаах мунньах буолла.
Кэпсэтиигэ өрөспүүбүлүкэ норуодунай дьокутааттара, эрэгийэн былааһын ситэриилээх уорганын, муниципальнай тэриллиилэр салайааччылара уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Кэпсэтии сүрүн тиэмэтинэн кыылы эппиэтинэстээхтик тутуу туһунан федеральнай сокуон, ону тэҥэ, кини этиитигэр сөп түбэһэн оҥоһуллубут эрэгийиэннээҕи сокуон буолла.
“Биһиги биир уопсай соруктаахпыт. Мин санаабар, Судаарыстыбаннай Дуума көрүүтүн эһиги бэркэ билэҕит. Балтараа сыл анараа өттүгэр биһиги кыылы эппиэтинэстээхтик иитии туһунан федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини көҕүлээбиппит. Бу эрэгийэннэр туруорсууларынан оҥоһуллубута, бастатан туран Сибиир уонна Уһук Илин федеральнай уокуруктар. Эрэгийиэннээҕи нуорма аактарын ылыныы боломуочуйата биһиги дьоммутун харыстыыр туһуттан РФ субъектарыгар бэриллибитэ. Күн бүгүн биһиэхэ статистика маннык: 60-тан тахса субъект номнуо эрэгийиэннээҕи сөп түбэһэр нуорма аакталарын ылынна. Бу сокуоннар араастар: ханна эрэ федеральнай сокуон балаһыанньата хатыланар, ханна эрэ чопчуланар уонна кэҥэтиллэр. Саха сиригэр эрэгийиэҥҥэ сөп түбэһэр сокуон ылыныллыбыта эрээри, ону суукка утарсыбыттара (оспаривать). Апелляция кэнниттэн биһиги суут быраактыкатын үөрэтэн көрүөхпүт”, – диэн бэйэтин санаатын Владимир Бурматов тириэртэ.
Кини аҕыйах хонуктааҕыта Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр буолбут алдьархай федеральнай нуорманы уонна эрэгийиэннээҕи сокуону барытын ырытан көрөргө күһэйэр диэн эттэ. Кини иһитиннэрбитинэн, инникитин бу курдук быһылааннары туоратар инниттэн ханнык эбии миэрэлэр баалларын быһаарар ирдэнэр.
Бэйэлэрин санааларын Саха сирин улуустарын салайааччылара, ол иһигэр Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельняк эттэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…