Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Share

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа  хоруупсуйны  утары үлэни сүрүннээһини көрдө.

Таһымы үрдэтэр куурустар 2021-2024 сылларга хоруупсуйаны утары үлэ былааныгар олоҕурар. 2023 сылга хоруупсуйаны бохсуу ирдэбиллэригэр үөрэтиини 198 киһи ааспыт, быйыл 258 киһи үөрэниэхтээх. Маннык идэтийбит бэлэмнээһини Айсен Николаев хоруупсуйаҕа кэһиилэри сэрэтиигэ бэлэмнээһин курдук сыаналаата.

“Эдэр исписэлиистэри уонна уопуттаахтары хоруупсуйаны бохсуу эйгэтигэр үөрэтии туһааннаах быраабы кэһиини сэрэтиигэ көмөлөһөр. Хас биирдии киһи хоруупсуйа туһунан ирдэнэр  билиилээх уонна өйдөбүллээх. Оттон бүддьүөт эйгэтин сулууспалаахтарыгар уонна үлэһиттэригэр кинилэр билиэхтээх ирдэбиллэрэ олохтоммуттара. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бигэргэппит хоруупсуйаны уодьуганнааһын национальнай былааныгар уонна өрөспүүбүлүкэбит былааныгар бу хайысхаҕа кэккэ тэрээһиннэр торумнаналлар”, — диэтэ Саха сирин баһылыга.

Айсен Николаев үлэ ыытылларын үрдүнэн, хатыланар алҕастар, ол иһигэр нуормалыыр быраап аахталарыгар тахсалларын эттэ. Мунньахха маны тэҥэ гражданскай уонна муниципальнай сулууспалаахтартан ирдэнэр дохуот уонна ороскуот, баай-дуол ыспыраапкаларын бэрэбиэркэлээһин түмүгүн көрдүлэр. Ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ, балаһыанньа тупсубут – декларация хампаанньатын түмүктэринэн аҕыйах кэһии бэлиэтэммит.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сиригэр кылаас салайааччыларын пуорума саҕаланна

Бүгүн, ахсынньы  4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Саха сирин санаторийдарынан 4 тыһыынча кэриҥэ киһи сынньаммыт

Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Мандарины сөпкө харайабыт

Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыастарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри ыытыахтара

Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга ыччаты патриотическай иитиигэ сиэксийэ аһылынна

Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 600-тан тахса эдэр миэдиктэри чиэстээтилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…

8 часов ago